22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ольга Балабкина лабораториялар үлэлэрин уонна аармыйаҕа хомуур туһунан эттэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина бэҕэһээҥи брифинг кэмигэр COVID-19 чинчийэр лабораториялар үлэлэрин уонна аармыйаҕа ыҥырыы туһунан эттэ, СИА суруйар.


Ольга Балабкина эппитинэн, коронавирус инфекциятыгар тест оҥоруута салҕанан барар. Ааспыт нэдиэлэҕэ лабораторияларга, бастатан туран, ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыттар уонна тумуу сибикилээхтэр ааһаллара быһаарыллыбыт.
«Ол иһин профилактическай сыаллаах уонна тэрилтэ салайааччыларын этиилэринэн, биирдиилээн дьон баҕа өттүнэн тест туттарыыларын үһүс-төрдүс миэстэҕэ туруордубут«, — диэтэ кини.
Вице-премьер маны сэргэ аармыйаҕа хомуур бэс ыйын 21 күнүттэн саҕаламмытын иһитиннэрдэ. «Ыҥырыыны саҕалаатыбыт, тэрээһин үлэтигэр баар боппуруостар быһаарылыннылар. Туруоруллубут соруктар барыта кэмигэр толоруллаллар», — түмүктээтэ Ольга Балабкина.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА