Ольга Балабкина: Дьаҥҥа саҥа сутуллуу үксэ харах балыыһатын кытта ыкса сибээстээх

Саха сиригэр коронавирустаабыт киһи ахсаана 34-нэн эбилиннэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина суһал штаб брифинигэр үгүс түбэлтэ Дьокуускай куоракка офтальмология балыыһатын кытта ыкса сибээстээх диэтэ. СИА суруйар.


«Офтальмология балыыһатыгар коронавируска 24 киһи сыстыбыт. Бу үлэһиттэр уонна ыарыһахтар, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ. Төһө да медиктар вирус тарҕамматыгар эппиэтинэһи сүктэллэр, түбэлтэ таҕыста», — диэтэ Ольга Балабкина.

Кини бэлиэтээбитинэн, суһал штаб бу манна үлэлиир медиктары кытта алтыһыыга хааччахтыыр миэрэлэри ылар.

Ыарыһахтары кытта алтыспыт бүлүүлэртэн анаалыс ылылынна.

Билигин, саҥа коронавирустаабыта биллибит киһиэхэ сыһыаннаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторун кытта үлэ барар. Ыарыһах обсерваторга олорор, кини Саха сирин тас өттүттэн киирбит.

«Өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар коронавирус диагнозтаах 177 ыарыһах эмтэниини ааһар», — диэтэ Ольга Балабкина.

This post was published on 02.05.2020 18:09 18:09