Билигин кимнээҕэр даҕаны быраастарга олус ыарахан. Өрөспүүбүлүкэҕэ алта медигы, обсерваторга сытааччылар сыыһа дьайыыларыттан сылтаан, үлэлэриттэн туораттылар. Ол туһунан брифиҥҥэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ольга Балабкина эттэ. Кини медиктары көмүскүүрүн эттэ.
Ольга Балабкина суһал штабка брифинг кэмигэр эппитинэн, обсерваторга сытар ыарыһахтар сыыһа дьайыыларыттан, алта медицина үлэһитин үлэлэриттэн тохтоппуттар. Кини этэринэн, сорох инфекциялаах дьон, коронавирустаахтарын билэр эрээри, мааскаларын усталлар, итинэн медицинскай персоналга кутталы үөскэтэллэр.
Онон вице-премьер өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, бастатан туран, инфекционнай балыыһаҕа сытааччыларга, обсерватор клиеннарыгар, ордук «былааска чугастарга» туһулаан эттэ.
«Быраастарга ордук ыарахан кэм. Обсерваторга үлэлиир быраастар куттаммыттыы көрөллөр? Уулуссанан хаамыҥ эрэ, бүгүн дойду үрдүнэн куттал дьөлө көрөр. Маннык кутталлаах инфекцияны кытта өссө ким да үлэлии илик. Мин махталбын биллэрэбин постарын тута сылдьар быраастарга«, — диэтэ кини.
«Мин бу боппуруоска кими да сэмэлээбэппин, ити эрээри медиктары куруук көмүскүөм. Биһиги кинилэри бэйэбит олохпутун харыстыыр сыалтан көмүскүөхтээхпит«, — диэн түмүктээтэ.