Ольга Балабкина банкоматтарга уочарат туһунан эттэ

Муус устар 6 күнүгэр социальнай ситимнэринэн “Сбербаан” филиалларын таһыгар дьон тоҕуоруһан турарын кэпсиир хаартыскалар тарҕаннылар. Өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина балаһыанньаны кэпсээтэ.


«Биһиги муҥутуур бэлэм эрэһиимигэр үлэлиибит. Ити эрээри сорох муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара, ВКС кэмигэр Ил Дархан тоһоҕолоон эппитин үрдүнэн, эппиэтинэстэрин ситэри өйдөөбөттөр. Бааннар хайдах үлэлииллэрин миэстэтигэр кинилэр быһаарыахтаахтар, кэтээн көрүөхтээхтэр. Онон суһал штаб Сбербаан салалтатын кытта Дьокуускай куоракка бу боппуруоһу быһаардыбыт», — диэтэ Ольга Балабкина.

Вице-премьер эппитинэн, биэнсийэни тириэрдиигэ кыһалҕа суох буолуохтаах. Биэнсийэ сулууспатын кытта сөптөөх дьаһаллар ылыллыбыттар. Социальнай көмүскэл уонна үлэ управлениеларын кытта сөбүлэҥинэн, анал волонердар бэлэмнэр. Чуолаан, кинилэр кырдьаҕастарга, туох баар хааччахтыыр миэрэлэр ирдэбиллэрин тутуһан биэнсийэни тириэрдиэхтээхтэр.

«Бу барыта бүгүҥҥү курдук банкоматтары кытта сыһыаннаах түбэлтэлэр тахсыбаттарыгар хатыламматтарыгар туһуланар», — диэтэ вице-премьер.

This post was published on 07.04.2020 10:03 10:03