Аллайыаха улууһун Оленегорскай олохтоохторо бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр оскуола-саады тутууну туруорустулар. Кэлэр үөрэх сылыгар, 20-чэ оҕо тэрилтэнэн хааччыллыбат куттала баар.
«Билиҥҥи дьыссаат 20 миэстэлээх. Эһиил, биһиги суоттуурбутунан, 35 оҕо 3 сааһын туолар. Оччотугар бачча кыра сиргэ оҕо тэрилтэтигэр уочарат буолар чинчилээх», — диэн олохтоохтор сибээскэ уонна информационнай технологияларга миниистир Александр Борисов бырабыыталыстыба отчуотун оҥорор кэмигэр этиннилэр. Олохтоохторго тыын суолталаах боппуруос туруоруллубута биэс сыл буолбут.
Саҥа оскуола тутуута эмиэ сытыытык турар. 70-с сыллардаахха тутуллубут дьиэ хамсаан, дьиэ олус тымныйар. Аллараа этээскэ, ардыгар, +8 кыраадыска диэри буолар. Ол иһин үөрэх чааһа көтүтүллэрэ элбэх. Оскуолаҕа 40 оҕо үөрэнэр. Эбэҥки култууратын уонна тылын үөрэтэллэр.
«2017 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьыссааттарга уочарат суох буолуохтаах. Ол иһин бу боппуруос араас варианынан быһаарыллыахтаах. Онон эһиги этэргит курдук, бу икки оҕо тэрилтэтин холбоон, оскуола-саадын тутуу сөптөөх», — диэтэ Александр Борисов.
This post was published on 19.02.2016 14:51 14:51