Ол улуу кэмнэргэ сүгүрүйэр ытык иэспит

Балаҕан ыйын 2 күнэ. Өймөкөөн улууһун Уус-Ньара бөһүөлэгэ. Күнүс 12 чаас.

Индигир өрүс үрдүгэр турар Кыайыы болуоссатыгар бэтэрээннэр, олохтоохтор, улуус уопсастыбаннаһа, эдэр ыччат аан дойду иккис сэриитэ бүппүтүн чиэстиир анал миитиҥҥэ кэлэн тураллар. Санатар буоллахха, 1945 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр Япония капитуляцияламмытын туоһулуур аах баттанан, киһи аймах историятыгар аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, мөлүйүөнүнэн дьон сырдык тыынын быспыт сэрии тохтотуллубута, түмүктэммитэ.


Японияны кыайыы судургутук бэриллибэтэҕэ. Соҕуруу Сахалиҥҥа уонна Курилларга буолбут кыргыһыыларга 2000-тан тахса Россия буойуна сырдык тыынын сиэртибилээбитэ. Бу сэриигэ Саха сирин ходуот уолаттара хорсуннук сэриилэһэн, япония милитаристарын урусхаллааһыҥҥа дьоһуннаахтык кыттан, Улуу Кыайыыны уһансыбыттара.

Миитиҥҥэ бэтэрээннэри, олохтоохтору бу ураты күнүнэн “Өймөкөөн улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччы Игорь Водовозов, СӨ гражданскай уопсастыбаннаһын институттарын сайдыытын миниистирин солбуйааччы Савва Михайлов, “Уус-Ньара бөһүөлэгэ” МТ баһылыга Василий Ефимов, Өймөкөөннөөҕү байыаннай комиссариат салайааччыта Юрий Пичегин     Улуу Кыайыыны уһансан эйэлээх олоҕу бэлэхтээбит бэтэрээннэргэ махтал, эҕэрдэ тыллары эттилэр. Аан дойду сэриитин бэтэрээнин огдообото, тыыл бэтэрээнэ Анна Дородных эдэр көлүөнэҕэ туһаайан чахчы ыар күннэр ааспыттарын туһунан долгуйан кэпсээтэ уонна төрөөбүт дойдуларыгар бэрэниилээх буолалларыгар, Ийэ дойдуларын таптыылларыгар ыҥырда.

Самодеятельнай ырыаһыт Ольга Шумеева “Ты же выжил солдат” диэн ырыаны ис сүрэҕиттэн ыллаан,   дьон сүрэҕин долгутта.

Миитини ыытааччы “Улуу Кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэрбитигэр ис сүрэхтэн сөһүргэстээн туран, улахан махтал! Аан дойду иккис сэриитигэр сырдык тыыннарын толук уурбуттара үйэлэр тухары умнуохпут суоҕа!” диэтин кытта метроном ураты тыаһа мүнүүтэ кэмин ааҕан барда. Байыаннай салют төлүтэ биэрдэ. “Журавли” ырыа ылланар кэмигэр ыалдьыттар, бэтэрээннэр, Уус-Ньара олохтоохторо ол урукку ыар сыллары санаан туран, сибэкки дьөрбөтүн, венок уурдулар.

Киэһэ аҕыс чаастан Уус Ньара бөһүөлэгин олохтоохторо, ыалдьыттара Сибэтиэй Успенскай храмын аттыгар мунньустан, чүмэчилэри уматын турдулар. Федор аҕабыт анал лития аахпытын кэнниттэн акция кыттыылаахтара чүмэчилэрин туппутунан Кыайыы болуоссатын диэки хаамтылар. Аа-дьуо бытааннык хааман, мемориал иннигэр тиийэн турдулар. Эмиэ метроном ураты тыаһа хатаннык тыаһаабытыгар мустан турар дьон чүмэчилэрин Реквием билиитэтигэр уурдулар, ол урукку ыар сыллары санаан ыллылар.

Салгыы Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммитин чиэстиир салют Уус-Ньара бөһүөлэгин халлаанын аннынан төлүтэ биэртэлээн, араас өҥнөөх саппа-садарах уоттарынан сандааран ыһыахтанна. Онуоха бар-дьон үөрэн, “Ураа, Ураа, Ураа!!!” хаһыытастылар….Салюту улууска көмүс хостооһунунан дьарыктанар «Янтарь» ХЭУо (салайааччы А.М.Карась) үбүлээһининэн буолбутун эбэн этиэҕи баҕарыллар.

This post was published on 02.09.2016 13:26 13:26