22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Ол кэмнэрбин истиҥник саныыбын". Айсен Николаев оҕо сылдьан оттообутун ахтар

17:09, 13 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сахаларга биир күн дьылы аhатар диэн өс хоhооно баар. Быйылгы от үлэтин кураан, аһыҥа, халаан уута, ойуур баһаардара атахтыыр. Ол эрэн сахаҕа от үлэтэ дьыл биир саамай күүтүүлээх-кэтэһиилээх кэминэн буолар. Билигин  окко 32 тыһ.киһи, 11 тыһ кэриҥэ тыраахтыр үлэлии сылдьаллар. Ил Дархан Айсен Николаев СИАҕа бэйэтэ оттообут кэмнэрин кэпсиир.


«Тыа ыалын сиэринэн төрөппуттэрим сүөһү туталлара. Остуолбутугар куруук бэйэ сүөгэйэ, арыыта, этэ баар буолара. Онон сайын үтүөтүн сыһыыга, оттуур ходуһаҕа атаарарбыт. Үөрэ-көтө оттуурбун өйдүүбүн, үлэ оччоҕо кыайыылаах буолара. Билигин ол дьоллоох кэмнэрбин истиҥник саныыбын», — диир Ил Дархан.

Айсен Николаев оҕо сааһа Үөһээ Бүлүүгэ ааспыта. Кини дьоно сүөһүлээхтэрэ, Айсен Сергеевич кыра сылдьан ынахтары уулатар эбээһинэстээҕэ.

«Биһиги өрүстэн чугас олорбуппут, онон ынахтары уулатыы ыарахана суох дьарык этэ. Сайынын от үлэтигэр сылдьарбыт. Эһэм өрүс уҥуор икки оттуур ходуһалааҕа. Олох кырабытыттан сайын аҥарын онно атаарарбыт. Бастаан оонньоон, эбэбин кытары чугас эргин сир астаан, кэлин улаатан баран от үлэтигэр көмөлөһөрбүт», — диэн кэпсиир өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Ол саҕана илиинэн оттууллара, тыраахтыр да, оту хомуйар да тэриллэр суохтара. Бастакы илии хотуурун уон саастаах Айсеҥҥа эһээтэ бэйэтэ оҥорон биэрбитэ, от охсорго үөрэппитэ, онтон ыла сайын аайы от үлэтигэр миккиллэн улааппыта.

«Хотуур, кыраабыл уонна атырдьах биһиги арахсыспат аргыспыт буолбута», — диэн саныыр Айсен Николаев.

«Смена 21 күннээх буолара. Нэһилиэктэн ыраах, уота, сибээһэ суох, хаптаһын тутууларга олорорбут. Аспытын күөстэнэр дьиэҕэ уочаратынан буһарарбыт, уокка оттор маспытын ойууртан бэйэбит булунарбыт. Окко сарсыарда эрдэттэн киирэрбит. Күнүс хомуйан, кээһэн барарбыт, — диэн саныыр Айсен Николаев. — Окко былааны гектарынан тыыраллара. Ирдэбил кытаанах этэ, онон бары тэтимнээхтик үлэлииргэ дьулуһарбыт, ардах да кэмигэр лааҕырга хааларбыт».

«Yлэлээн бутэрбитигэр индеецтэр курдук буоларбыт. Эппит-сииммит күн уотугар харааччы буһан, үөҥҥэ-көйүүргэ быһа ыстатан кытаран тахсара, ытыспыт хабылла сатаан баран чэрдийэрэ, оннооҕор атахпыт тилэҕэ, үксүн атах сыгынньах сылдьарбытыттан, этэрбэс уллуҥун курдук кытаатара», — диэн күлэр баһылык.

«Окко Москва государственнай университетыгар устудьуоннуур кэмнэрбэр эмиэ сылдьарым. Убайбын кытары от бүтүөр диэри отууга олорон оттуурбут. Аспытын аҕабыт моторканан таһара», — диэн кэпсиир Айсен Николаев.

Кини биирдэ дьикти түбэлтэ буолбуттааҕын саныыр.

«Биир киэһэ, атырдьах ыйыгар, халлаан хараҥарыыта отчуттарбар бардым диэн аҕам эмискэ туран биhиэхэ айаннаабыт. Ону ийэм туох ыксала буолла диэн мөҥуттэ хаалбыт. Ити кэмҥэ мин уокка оттор мас мастыы сылдьан сугэҕэ атахпын дэҥнээбитим. Бааспын убайым бэрэбээскилээбитэ. Сибээс суох, салгыы хайдах буоларбытын быhаарса олордохпутуна, арай аҕам тиийэн кэллэ. Тута балыыһаҕа барбыппыт, хата халымыр этэ. Аҕа сурэҕэ сэрэйэрин билигин сөҕө саныыбын», — диэн ахтар Ил Дархан.

Билигин Айсен Николаев бүтүн өрөспүүбүлүкэ иннигэр эппиэтинэһи сүгэр. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ этэринэн, окко былаан 57 % туолбут. Илин эҥэр, киин улуустарга кураан күн-дьыл туран, аһыҥа түһэн от, бурдук үүнүүтэ мөлтөх. Бүлүү, Сунтаар улуустарыгар оттуур ходуһалар ууга барыталаатылар, ойуур баһаарыгар Абый, Үөһээ Халыма, Эбээн-Бытантай, Орто Халыма сорох ходуһалара былдьаннылар.

Итэҕэс оту мобильнай биригээдэлэр ситэриэхтэрэ. Кинилэр 22 тыһ. 910 туонна оту бэлэмниир соруктаахтар.

Эмсэҕэлээбит улуустарга атын улуус отчуттара көмөлөһөүхтэрэ. Ол курдук Кэбээйи улууһа 670 туонна оту эбии бэлэмниэҕэ, Абый (300 туонна), Ньурба (1500 туонна), Хаҥалас (500 туонна), Үөһээ Бүлүү (400 туонна).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА