2013 сыллаахха от ыйын 2 күнүгэр Усуйаана оройуонугар вертолет саахалыгар түбэһэн 24 киһи, ол иһигэр кыра оҕолор суорума суолламмыттара. Ол алдьархайдаах кэмтэн үс сыл ааста. Ол гынан баран бу иэдээн хаһан да умнуллубат.
1. Барабанская Елена Алексеевна — 15.08.1990 с.т.
2. Барабанскай Николай Григорьевич — 22.11.1984 с.т.
3. Барабанскай Айыллаан Николаевич — 25.12.2010 с.т.
4. Барабанскай Чаҕыл Николаевич — 23.06.2013 с.т.
5. Винокурова Яна Андреевна- 11.10.2011 с.т.
6. Винокуров Валерий Прокопьевич — 22.09.2006 с.т.
7. Васильева Анфиса Михайловна — 27.04.1935 с.т.
8. Васильева Анна Алексеевна- 03.06.1973 с.т.
9. Горохова Евдокия Ивановна- 04.02.1960 с.т.
10. Горохова Анна Николаевна — 16.06.1941 с.т.
11. Горохова Нина Ивановна — 10.01.1975 с.т.
12. Горохова Нина Ивановна — 20.01.2003 с.т.
13. Дорофеева Мария Григорьевна — 11.02.1960 с.т.
14. Захаров Даниил Русланович — 08.07.2005 с.т.
15. Левковец Олег Константинович — 14.11.2001 с.т.
16. Левковец Андрей Константинович — 06.05.2009 с.т.
17. Миронова Виктория Викторовна- 22.08.2004 с.т.
18. Миронов Марк Викторович- 14.03.2011 с.т.
19. Пчельникова Феодосия Прокопьевна — 12.02.1983 г.р.
20. Томская Анна Ивановна- 15.02.1926 с.т.
21. Тимофеева Алена Алексеевна- 21.12.1994 с.т.
22. Тимофеев Роман Романович- 17.06.2013 с.т.
23. Морозкин Александр Павлович — 05.12.1948 с.т.
24. Ефимов Виктор Петрович — 18.01.1956 с.т.
Усуйаана нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын баһылыга Никита Филиппов хас биирдиилэрин бу курдук ахтар: «Кинилэр бука бары бар дьонноругар ытыктанар, таптанар дьон этилэр, кинилэр өрүү биһиги сүрэхпитигэр хаалыахтара», — диэн.
Барабанскайдар
Коля, Лена Барабанскайдар дьиэ кэргэттэрэ нэһилиэккэ биир саамай эдэр, көхтөөх, спортивнай дьиэ кэргэнинэн биллэллэрэ. Коля байанайдаах булчут, балыксыт бэрдэ этэ. Коля да, Лена да улуустааҕы мас тардыһыы күрэҕин кыайыылахтара, призердара буола сылдьыбыттара, хайалара да волейболга үчүгэйдик оонньууллара. Лена биһиэхэ кийиит буолан кэлбитигэр биһиги олус үөрбүппүт, ол курдук кини Тумат нэһилиэгин саамай күүстээх спортсменката этэ. Тумат сүүмэрдэммит хамаандатыгар сылдьан волейболга 2008 сыллаахха улуустааҕы спартакиада чемпионката буолбута. Улуустааҕы мас тардыһыыга күрэх кыайыылаҕа, бэйэтин ыйааһыныгар улуус иһигэр бу күн сириттэн барыар диэри иннин биэрбэтэх чемпионка этэ. Кинилэр икки кыра уолларынаан нэһилиэкпит кэлэр кэскиллэрэ этилэр.
Барабанскай Айыллаан — бэрт бэһиэлэй, саҥалаах-иҥэлээх, киһи эрэ таптыах оҕото, Усуйаана оҕо иитэр саадын иитиллээччитэ этэ.
Барабанскай Чаҕыл — бу эдэр ыал саҥа күнү көрдөрбүт көмүс чыычаахтара этэ. Кини бу күн сиригэр баара-суоҕа ыйы кыайбат эрэ кэлэн аастаҕа абатыан.
Винокуровтар
Винокуров Валерик ийэтин төрөөбүт сиригэр Усуйаанаҕа, кып-кыра эрдэҕиттэн улаатан испитэ. Кини дьоннорун, аймахтарын батан сытыы-хотуу быһыылаах, элэккэй, саҥарбыт-иҥэрбит уол оҕо этэ.
Винокурова Яна аҕата төрөөбүт, улааппыт Усуйаанатыгар, эбэтигэр сылдьарын олус ордороро, ол иһин сайыҥҥы сылаас күннэргэ эбэтин аттыгар буолаары кэлэн испитэ. Кип-киэҥ харахтаах, өрүү күлэн мичийэ сылдьар кэрэ кыысчаан этэ.
Мироновтар
Вика, Марк Мироновтар эмиэ Усуйаана нэһилиэгэр төрөөн, эбээ-эһээ тапталыгар бигэнэн улааппыттара. Вика Усуйаана оҕо иитэр саадын иитиллээччитэ этэ. Төһө да кып-кыра эрээри олус мындыр өйдөөх, барыны барытын өйдүүр, сатыыр этэ. Аҕата үөрэтэн, көннөрү киһи сатаабат фокустарын оҥороро, оҕо иитэр саадка буолар күрэхтэһиилэргэ, маассабай оонньууларга, концертарга барыларыгар көхтөөх кыттааччы буолара. Марк да төһө да кыра буоллар, эдьиийиттэн хаалсыбат, сүүрбүт-көппүт туллук курдук сытыы этэ. Кинилэри эбэлэрэ Евдокия Ивановна көрөн-истэн биэбэйдэһэн улаатыннарсыбыта, сиэннэрэ эбэлэрин, эһэлэрин олус таптыыллара, ол да иһин сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар эбэлэрин кытта таптыыр Усуйааналарыгар кэлсэн истэхтэрэ.
Эбэлэрэ Евдокия Ивановна Горохова — нэһилиэк биир убаастанар ыалын ийэтэ, үлэһитэ этэ. Кини 2012 сыллаахха алтынньы ыйга буолбут быыбарга дойдутун дьонун итэҕэлин ылан, нэһилиэк Сэбиэтин депутатынан талыллан үлэлээн испитэ. Усуйаана оҕо иитэр саадыгар иитээччинэн өр сылларга үлэлээн кэлбитэ. Бу иэдээҥҥэ түбэһиэр дылы оҕо аймах таптыыр иитээччитэ этэ. Нэһилиэк иһинэн ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара, олохтоох дьаһалта үлэтигэр сүбэ-ама буолара. 2012 сыллаахха сааскы өрүс уута эбиллэн, нэһилиэккэ уон хонук устата уу ортотугар олорбуппут. Ол уу халаанын содулугар ылбыт хоромньуну чөлүгэр түһэрэр үлэбэр саамай күүс-тирэх буолбут киһим кини этэ. Уһун саастаах сайын бараныар диэри Дьокуускай куоракка сылдьан, араас тэрилтэлэринэн, «НВК» хампаанньаҕа быһа эфиргэ тахсарбытыгар куруук бииргэ сылдьыһан, бар дьонун туһугар үлэлэспитэ. Кини оннук ыраас, үтүө санаалаҕа, сайыҥҥы да уоппускатыгар сынньаммакка үлэлэспитэ.
Анна Николаевна Горохова
Усуйаана нэһилиэгин биир кырдьаҕас олохтооҕо, бастакы Усуйаанаҕа арыллыбыт детсадка маҥнайгы оҕо иитээччитэ этэ. Кини өр сылларга Усуйаана совхозка араас үлэҕэ үлэлээн, совхоһун, төрөөбүт улууһа сайдарын туһугар элбэх сыратын биэрбит улуус, нэһилиэк биир чаҕылхай олохтооҕо этэ. Кинини мин кэргэним ийэтэ буолан олус бэркэ билэрим, ыал буолан олохпун оҥостуохпуттан ыла биир дьиэҕэ бу күн сириттэн барыар диэри олорон кэлбиппит, кини мин иккис ийэм буолара. Айаҥҥа, булка барарбар кыыһыгар сүбэ-ама, күүс-көмө буолан, айаным таҥаһын көрсөн, ыһыкпын бэлэмнэһэ сылдьара. Балыктыыр учаастактарыгар тиийэрбэр утары тахсан кэтэһэн, күүтэн туран көрсөрө, мин тыаҕа тиийэн, кини минньигэс аһын аһаан атаахтыырбын олус сөбүлүүрүм, бэйэтэ да олус атаахтатара, баҕар, соҕотох күтүөт буолан эбитэ дуу. Биһиги дьиэ кэргэн кинини олус суохтуубут, ахтабыт.
Феодосия Прокопьевна Пчельникова
Хаһааччыйа орто оскуолатын бүтэрэн, бэйэтин оҕо эрдэҕиттэн баҕатын толорон, 1999 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педколледж дошкольнай салаатын устудьуоҥката буолан, үөрүү кынаттаммыта. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, дойдутугар Усуйаанаҕа оҕо саадыгар үлэтин саҕалаабыта. Идэтигэр сыстаҕас буолан, кырачааннарын күн аайы көрсөрүттэн олус үөрэрэ. Оҕолор даҕаны Феодосия Прокопьевна сарсыарда аайытын «Үтүө сарсыарданан, оҕолоор» диэбитинэн үөрэ, мичээрдии көрсөрүн олус сөбүлүүллэрэ. Аҕатыттан бэриллибит талаана — уруһуйдьута үлэтигэр күүскэ көмөлөспүтэ. Оҕо интэриэһин тардаары араас мультик, остуоруйа геройдарын субу илэ хааман тахсыахтыы эриэккэстик уруһуйдаан сөхтөрөрө. Үлэтигэр истиҥ сыһыанын иһин грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. Нэһилиэккэ буолар араас тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттара, кэнсиэрдэргэ үҥкүүлээн, бар дьонун үөрүүтүн үксэтэрэ.
Анна Ивановна Томская
Усуйаана нэһилиэгин төрүт кырдьаҕас олохтооҕо. Кини оҕо эрдэҕиттэн төрөппүттэрин кытта туундараҕа, тыа сирин ыарахан үлэтин санныгар сүгэн улааппыта. Эдэр эрдэҕиттэн балык, кырса бултааһынын, кырса тириитин таҥастааһынын мындырдарын бэркэ баһылаабыта.
Холкуос, совхоз, төрөөбүт улууһун сайдыытыгар бары кыаҕын, сатабылын барытын биэрбитэ, сэрии ыар сылларыгар фронт туһугар көмө оҥорууга күһүҥҥү хараҥа халлаан быыһынан күндүөбэй бултааһыныгар, кыһыҥҥы тыйыс дьыбардаах тымныыга эр дьоннуун тэҥҥэ илим көрөн, көмүс хатырыктааҕы бултаан, тыылтан фроҥҥа оҥоһуллар көмөҕө сыратын уурбута. Ол уһун унньуктаах, сындылҕаннаах үлэтэ сыаналанан, элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Кини элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ, үгүс сиэн, хос сиэн тапталлаах, убаастанар эбэлэрэ этэ. Кини төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, оҕолорун кытта бэйэлэрэ тэрийбит аҕа ууһа общиналарыгар сүбэһит-амаһыт, асчыт-таҥасчыт буолан бу иэдээҥҥэ түбэһэн, күн сириттэн барыар диэри сылдьыбыта. 2000 сыллар саҥаларыгар республикаҕа буолбут балыктан оҥоһуллар ас, араас бэйэ оҥоһугун выставкатын күрэҕэр бастакы миэстэни ылан, оҕо эрдэҕиттэн асчыт, иистэнньэҥ идэтин бэркэ баһылаабытын көрдөрбүтэ. Биһиги, табаһыттар, булчуттар учаастактарынан айаҥҥа сылдьан, эбэбитигэр таарыйан, аһаан-сиэн, итии киллэринэн элбэхтэ ааспыппыт. Кини наар сүбэлии, сэрэтэ сылдьара. Мин биирдэ таба ааҕаары хараалга айаҥҥа туруннум, олус үчүгэй күн этэ. Ол айаннаан истэхпинэ, саапастан күүстээх буурҕа түспүтэ, өлүү болдьохтоох, мин бураным алдьанан, оҥосто олорор этим, ыксал бөҕөнөн бураммын оҥостон, айаммын салҕаабытым, суолбар Аана эбэм ааҕы таарыйарбын билэр буолан улаханнык ыксаабатаҕым. Син суолум омоонун тутан, эбэм сылаас балаҕаныгар тиийэн кэлбитим, чэй иһэн баран үргүлдьү ааһардыы оҥостон эрэрбин эбэм көрөн, «сыллыый, айылҕаны кытта утарсан иннин ылбыт суох, быстахха былдьаммыт элбэх» диэн тохтотон, хоннорон ыыппыта. Билигин санаан эбэбэр махтанабын, баҕар, кини тохтоппотоҕо буоллар, ол хараҥа халлаан буурҕатыгар ханна мунан барар этим. Кини наар оннук сүбэлии-амалыы сылдьар сымнаҕас майгылааҕа.
Анфиса Михайловна Васильева
Усуйаана нэһилиэгэр төрөөн, үөскээн улааппыта, оҕо эрдэҕиттэн хоту сир олохтооҕо буолан, үксүн балык булдугар, балык туустааһыныгар үлэлээбитэ. Сэрии кэминээҕи олох ыар охсуутун этинэн-хаанынан билбитэ. Холкуос, совхоз сайдыытыгар бары кыаҕын, сатабылын биэрбитэ. Ол үлэлии сылдьан олоҕун аргыһын көрсөн, Ньурбаҕа баран олохсуйбута, ол эрээри төрөөбүт сир ахтылҕана кинини сотору дойдутугар эргилиннэрэн аҕалбыта. Дойдутугар кэлэн совхозка ынах ферматыгар өр сылларга ыанньыксыттаабыта. Элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбээлэрэ этэ.
Кини кыыһа Анна Алексеевна Васильева эмиэ ийэтин курдук сытыары сымнаҕас майгылааҕа, Хаһааччыйа орто оскуолатын бүтэрэн баран, нэһилиэгин сынньанар киинигэр үлэлээбитэ. Кулуупка киирдэххэ, мэлдьи мичээрдии, күлэ-үөрэ көрсөрө, кулууп ис-тас үлэтэ кинитэ суох табыллыбата, үлэтигэр олус эппиэтинэстээх буолара. Аанчык күн сиригэр аатын ааттатар кыыс оҕону төрөтөн хаалларбыта. Оҕо эрэ таптыыр киһитэ этэ. «Эдьиий Аанчык киинэҕэ, концертка киллэрэр ини, харчыбын умнан кэлбиппин» диир оҕо элбэх буолара.
Захаров Даниил
Ийэтин төрөөбүт сиригэр Усуйаанаҕа кып-кыра эрдэҕиттэн кэлэ-бара улааппыта. Кини эмиэ атын оҕолор тэҥэ дьонугар сайыҥҥы сынньалаҥыгар күүлэйдии, сынньана, таайдарын, дьонун кытта бултуу, балыктыы кэлэн испитэ. Даниил ийэлээх аҕатын батан сэмэй, элэккэй оҕо этэ, улахан дьону кытта уопсай тыл булан кэпсэтэрэ, оттомнооҕо, аныгы оҕо сиэринэн компьютерга сыстаҕаһа, билэрэ-көрөрө киэҥ этэ. Аҕата балык булдунан дьарыктанар аҕа ууһун общинатын баһылыга буолан, кинини кытта үгүстүк тыаҕа сылдьан уонна таайдарын, эһэтин батан, булка-алка сыстаҕас этэ. Айылҕаҕа сылдьарын олус сөбүлүүрэ.
Мария Григорьевна Дорофеева
Усуйаана нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, манна улаатан, сүүрэн-көтөн оҕо сааһа ааспыта. Хаһааччыйа орто оскуолатын бүтэрэн, төрөөбүт сирэ сайдарын туһугар совхозка түүлээҕи таҥастыыр сыахха иистэнньэҥинэн, түүлээҕи ыраастааччынан үлэтин саҕалаабыта.
Кини совхоз биир бастыҥ иистэнньэҥэ буолан элбэх махтал суруктарынан, грамотанан наҕараадаламмыта. Элэккэй майгытынан дьонугар-сэргэтигэр убаастабылга сылдьара. Мария Григорьевна үс оҕо тапталлаах ийэтэ, икки сиэн эбэтэ буолбута. Ону баара ити иэдээн саамай кыра кыыһын Аленатын уонна саҥа күнү көрбүт уол сиэнин кытта илдьэ бардаҕа.
Алена Алексеевна Тимофеева Хаһааччыйа орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, үөрэххэ киирэн үөрэнэ сылдьан, олоҕун аргыһын Романы көрсөн, сүрэхтэрин холбоон, ыал буолан, маҥнайгы оҕолоро күнү көрөн үөрүүлэрэ үксээн инники былаан оҥостон, дьоллоох олох суолугар үктэммиттэрэ. Алена элбэх доҕордооҕо, кырдьаҕастарга мэлдьи кыһамньылаахтык сыһыаннаһара. Кини тапталын бэлиэтэ буолбут саҥа төрөөбүт уолунаан Романныын таптыыр кэргэнигэр, доҕотторугар тиийэ охсоору үөрэн-көтөн, ити иэдээннээх көтөр аалга олорсон айаҥҥа туруннаҕа.
Нина Ивановна Горохова
Дьүкээгиргэ төрөөн, улаатан оҕо сааһа ааспыта. Кини кыыһын Нинканы кытта көтөн иһэн суорума суолламмыттара. Ити түбэлтэ эрэ иннинэ, саас тапталлаах кэргэнэ, аҕалара ыалдьан өлбүтэ. Билигин ырай диэн баар буоллаҕына, бары бииргэ сылдьаллар ини диэн бэйэбитин уоскутуннаҕа буолабыт. Хаалбыт кыргыттарын араҥаччылыы сылдьыахтара.
Олег, Андрей Левковецтар
Оҕо дьон сиэринэн тапталлаах эбэлэригэр сайылыы, сынньанан барар баҕалаах көппүттэрэ. Оҕолор эмиэ Усуйаанаттан төрүттээх, хааннаах буолан, тыа сиригэр курдаттыы тартара тураллара. Эһээлэрэ Пантелеймон Васильевич Усуйаана нэһилиэгин төрүт кырдьаҕас олохтооҕо. Дьон-норуот убаастабылын ылбыт биир бастакы партийнай, салайар үлэһит этэ.
Александр Павлович Морозкин
Кинини кытта үлэбит суолунан көрсөн, кэпсэтэн бэйэ бэйэбитин билсэн турардаахпыт. Кини өр сыл үлэлээбит опыттаах буолан, биһиги үлэбитигэр туруорсар кыһалҕаларбытын, ханан, хайдах киирэрбитин этэрэ, наада буоллаҕына киниттэн көмө көрдүүрбүтүгэр сүбэлиир этэ. Ама да кылгас кэмҥэ билсэн аастарбыт, мин өйбөр киһи кыһалҕатын өйдүүр, дьон-норуот туһугар үлэлиир биир чаҕылхай политик диэн өйдөбүлү хаалларбыта.
Виктор Петрович Ефимов
Кинилиин «РИК» хампаанньа тэрилтэ дьиэтигэр ыҥырыллан билсибитим. Кини Усуйаана нэһилиэгэр тутуллуохтаах ититэр ситим, хочуолунай боппуруостарыгар, биэрэк оҥоруутун хамсааһынын ыйыталаспыта, үбүлээһиҥҥэ ыарахаттар баар буоллахтарына көмөлөһөргө бэлэмин биллэрбитэ. Кини эппит тылын толорорун, дьон туһугар үлэлиирин, нэһилиэк ыарахаттарын өйдүүрүн, ону туоратыһар, оҥорсор идэлээҕин, баҕалааҕын дакаастаабыта. Билигин Усуйаана нэһилиэгэр ититэр ситим, хочуолунай тутуллуутугар «РИК» хампаанньа үбүлээн эрэрэ хайҕаллаах уонна махталлаах.
Туох буруйдарын иһин күн-күбэй ийэлэрбитин, эбэлэрбитин, саҥа олох олорон эрэр хаарыан эдэр дьоммутун, кып-кыра чыычаахтарбытын, оҕолорбутун, биһиги инники эрэллэрбитин ыар иэдээн ытатан-соҥотон бу күн сириттэн илдьэ бардаҕа абатыан.
«Убаастабыллаах нэһилиэгим олохтоохторо, аймахтара, доҕотторо, билэр-билбэт дьонум! Хаарыан дьоммут биһиги өйбүтүгэр хайдах хатанан хаалбыттарынан суруйа сатаатыбыт, туох эмэ алҕас-итэҕэс тахсыбыт, сиппэтэх-хоппотох буоллаҕына бырастыы гынаргытыгар көрдөһөбүт. Сүрэххэ, өйгө араас үтүө өйдөбүллэр бааллар да, кыайан ону суруйбатым, сүһүөх уйарын сүрэх уйбат дииллэрэ кырдьык эбит», — диэн баһылык суругун түмүктүүр.