Саха сиригэр оттооһун үлэтэ бытааннык бара турар. Сотору-сотору кэлэн түһэр ардахтар былаантан хаалыы сүрүн төрүөтүнэн буоллулар. Өрөспүүбүлүкэ гидрометеорологиҕа сулууспата ардахтаах күн-дьыл балаҕан ыйыгар диэри туруоҕун туһунан сэрэппитэ.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин селекторнай мунньаҕар сири оҥоруу уонна мелиорация департаменын салайааччыта Василий Чичигинаров маннык даннайдары аҕалла:
«Атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, окко 11 311 тыраахтар, 10510 звено, 40 747 киһи үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 249 452 тонна от, ол эбэтэр былаан 50,5% туолла»,- диир кини.
Таатта, Кэбээйи, Абый улуустара от үлэтигэр бигэ туруктаахтар. Кинилэр ылыммыт былааннарын 90 бырыһыан толорор соруктаахтар. Хаҥалас, Ньурба, Орто Халыма, Нам, Үөһээ Бүлүү улуустара былааннарын 80-85 бырыһыаҥҥа диэри тиэрдэр санаалаахтар. Өймөкөөн, Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар быһыы-майгы биллэ ыараан турар.
Муниципальнай 22 тэриллиигэ 258 мобильнай биригээдэ тэриллибит, ол иһигэр 6 биригээдэ МТ тас өттүгэр оттууллар.
«Ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин чэрчитинэн усутудьуоннар этэрээттэрин 35 байыастара хоту улуустарга оттуу сылдьаллар: Эбээн Бытантаай улууһугар – 10, Өймөкөөҥҥө – 25. Эбии 14 байыаһы ыытыахтара», — диэтилэр мунньахха.
Чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа 302,1 тонна ( уопсайа 17,3 мөл. солк., былаан 62, 2 %) уматыгы биэриэхтэрэ.
Оту инчэҕэйтэн харыстыырга 378 тонна тууһу биэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 455 тонна тууһу тарҕаттылар.
Василий Чичигинаров сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ урукку сылларга курдук куонкурус ыытыллыаҕын эттэ. Куонкурус түмүгэ быһа холуйан балаҕан ыйын 1 күнүгэр тахсыаҕа.
Вице-премьер-миниистир Петр Алексеев саппааска сүөһү дороххой аһылыгын бэлэмнииргэ Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Кэбээйигэ, Чурапчыга, Томпоҕо, Орто Халымаҕа 7400 тн. аһылыгы бэлэмниэхтээхтэрин эттэ.
Петр Алексеев 1 тонна оту атыылыр сыана быһыллыбытын ыйда. Ол курдук, 1 кылаастаах от –5000 солк. тахсыа суохтаах, 2 кылаастаах – 4100 солк., 3 кылаастаах от 3400 солк. тахсыа суохтаах.
Гидрометеорология Саха сиринээҕи сулууспата атырдьах ыйа түмүктэниэр диэри кылгас кэмнээх ардахтар түһүөхтэрин, балаҕан ыйа эмиэ ардахтаах буолара күүтүллэрин туһунан сэрэтэр.
This post was published on 22.08.2016 14:48 14:48