Окко былаан 94,3% туолла

Балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 444 570 туонна от бэлэмнэммит. Ити былаан 94,3%-на. Мобильнай биригээдэлэр 22 тыһ туонна оту кэбиһэн, былааннарын 100% толордулар. Билигин хомуур үлэтин үгэнэ. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.


Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 19 095 туонна сиилэс (74,7%), 10 017 туонна сенаж (62,2%) бэлэмнэммит. Сунтаар улууһа 3765 туонна сиилэһи бэлэмнээн, былаанын 125,5% куоһарбыт. Хаҥалас улууһа 2800 туонна (108,9%), Ньурба – 2000 туонна (100,5%), Өлүөхүмэ – 2001,6 туонна (123,1%), Бүлүү – 1361 туонна (104,7%), Мииринэй – 2836 туонна (141,8%), Ленскэй – 1496 туонна (136,0%) сиилэһи бэлэмнээтилэр.

Маны таһынан 9308 гектар туораахтаах култуураны хомуйар сорук турар: бурдук – 1334 га, ньэчимиэн – 2078 га, эбиэс – 4947 га.  Бүгүҥҥү күн туругунан, 6371 гектар хомулунна.

This post was published on 16.09.2020 17:05 17:05