29 Кулун тутар 29.03
  • -13°
  • $ 92,26
  • 99,71

Окко былаан 80-тан тахса бырыһыана туолла

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр 361 970 туонна от бэлэмнэннэ, бу былаантан 82%, маны сэргэ 23 168 туонна сиилэс, бу былаантан 81%. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров эттэ.

Сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ 222 мобильнай биригээдэ үлэлиир. Кинилэр 28 819 туоннаны бэлэмнээтилэр, былаан — 53 339.

«Оттооһуҥҥа 13 000 киһи, 5000-тан тахса тыраахтыр үлэлиир», – диэтэ Михаил Никифоров. Хаҥалас улууһа былааны 99% толордо, салгыы Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Нам оройуоттара толорон иһэллэр.

Былааны Кэбээйигэ — 41%, Дьааҥыга — 45%, Бүлүүгэ — 60% уонна Өлүөхүмэҕэ — 70% толордулар.

Үөһээ Халыма, Абый, Булуҥ, Уус Майа уонна Жатай былааны толордулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА