Окко былаан 67% туолла. Атырдьах ыйын 26 күнүгэр барыта 321 204 га сир охсуллубут. 306 600 тыһ. туонна от, 7 516 туонна сиилэс (былаантан 28%), 2 314 туонна сенаж (16%) бэлэмнэммит. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Барыллаан суоттаныынан улуустар барыта 374,1 тыһ туонна оту, ол эбэтэр былаантан 81% бэлэмнэнэр туруктаахтар.
Билиҥҥитэ былааннарын 90%-тан таһынан Бүлүү, Булуҥ, Жатай бөһүөлэктэрэ куоһардылар.
Амма (88%), Абый (82%), Аллайыаха (87%), Үөһээ Бүлүү (82%), Дьааҥы (70%), Эдьигээн (83%), Кэбээйи (82%), Мэҥэ Хаҥалас (73%), Ньурба (72%), Орто Халыма (77%), Уус Маайа (78%), Эбээн Бытантай (82%), Дьокуускай к. (83%) оттоннулар.
Уус Алдан, Мииринэй, Томпо улуустарыгар 50%-тан итэҕэс оттоотулар.
79,5 тыһ. туонна тиийбэт оту мобильнай биригээдэлэр (39 тыһ. туонна) толоруохтара, 30,25 тыһ. туоннаны атыылаһыахтара.
Билиҥҥитэ 15 улууска 232 мобильнай биригээдэ 16 386 туонна (42%) сүөһү аһылыгын бэлэмнээбит. Амурскай уобаласка үлэлиир Чурапчы биригээдэлэрэ 350 туонна оту бэлэмнээбиттэр. Кинилэр 2400 туонна оту оттуур соруктаахтар.
This post was published on 30.08.2021 15:03 15:03