Окко 30 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир

Атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи туругунан Саха сирин үрдүнэн 108 мобильнай биригээдэ, 30 тыһ киһи 8 971 звеноҕа оттуур.


Бүлүүгэ 13 мобильнай биригээдэ 1034 туонна оту бэлэмнээтэ. Мэҥэ Хаҥаласка 10 биригээдэ 573 туоннаны, Ньурбаҕа 25 биригээдэ – 527 туонна, Сунтаарга 10 биригээдэ – 100 туонна, Уус Маайаҕа 3 биригээдэ — 107 туонна, Хаҥаласка 20 мобильнай звено 525 туонна, Чурапчыга 21 биригээдэ 201 туонна оту бэлэмнээтилэр. Дьокуускайга «Туймаада Экоферма» 300 туоннаны бэлэмнэннэ. Биригээдэлэр барыта 3537 туонна оту бэлэмнээтилэр.

Былаан быһыытынан кинилэр 35 838 туонна оту бэлэмниэхтээхтэр. Итиниэхэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 34 мөл солкуобай көрүллүбүт.

Билигин окко барыта 8 971 звеноҕа 30 286 киһи үлэлии сылдьар. Итинтэн 1934 механизированнай, 4874 полумеханизированнай, 166 ат көлө, 1887 илии звенолара.

Атырдьах ыйын 9 күнүгэр барыта 219621 га сир охсулунна.

This post was published on 11.08.2021 11:05 11:05