Ил Дархан Айсен Николаев баһаартан уонна ууттан сэрэхтээх кэмҥэ бэлэмнэнэр Сэбиэт мунньаҕын түмүгүн биллэрдэ. Мунньаҕы Арассыыйа бэрэсэдьиэнин Уһук Илин уокурукка бэрэстэбиитэллиир вице-премьер Юрий Трунтнев салайан ыытта. Саха сиригэр тыаны баһаартан харыстыырга үбүлээһини 1 млрд.170млн. диэри үрдэттилэр.
Өрөспүүбүлүкэ баһаартан харыстанар үбүн 1 млрд. 170 млн. 159 тыһ. солк. гыннылар. Харчыны ойуур баһаарын умулларарга анаатылар (309 млн. 406 тыһ.). Авиапатруль үбүн 640 млн. 492 тыһ. диэри үрдэттилэр, уонна эбии 184 авиадесантник үлэтин миэстэтин көрдүлэр.
Үөһээ Бүлүү таһынааҕы Бүлүү өрүс биэрэгин 2022-2024 сылларга бөҕөргөтөргө дойду бүддьүөтүттэн 700 млн. солк. көрүөхтэрэ.
Айсен Николаев, Саха сиригэр баһаар буоллаҕына дойду хабааннаах ЧС биллэрэр процеһын судургу соҕус оҥороллорун, бөртөлүөттэри авиаплощадкаларга заправкалыылларыгар көҥүлү түргэнник биэрэллэрин, ону тэҥэ ордук сэрэхтээх объектартан уонна нэһилиэнньэттэн баһаар утары быһыыны кэҥэтэллэрин уонна ону чэпчэкитик оҥороллорун туһунан этии киллэрбитин, Юрий Трутнев уонна экология миниистирэ Александр Козлов өйөөтүлэр.
This post was published on 27.10.2021 11:03 11:03