29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

Ойууру баһаартан харыстыыр үлэ кэҥиирин бэрдьигэстээхтэр үөрэ иһиттилэр

15:36, 27 октября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр ойууру баһаардартан харыстааһын үлэтин үбүлээһинэ үрдээбитин туһунан эттэ. Ол туһунан Бэрдьигэстээхтээҕи авиаотделение начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Ян Петров эттэ.

Маннык үп көрүллүбүтэ олус наадалаах уонна олус кэтэһиилээх. Тоҕо диэтэххэ, туох барыта үптэн тутулуктаах, үбүлээһин баар буоллаҕына авиапатрулирования чааһа улаатар оччоҕо ойуур баһаара иэнэ улаата илигинэ тутатына булан, умулларарга кыах элбиир.

Техникалары (трактордары) эрдэттэн өрөмүөннээн баһаар буолар кутталлаах сезонугар бэлэмниэ этилэр. Эргэ тыраахтардар баһаарга тиийэн алдьанан хаалаллар, саппаас чааһын хаһан аҕалыахтарыгар диэри баһаар ыраатар уонна штаты улаатыннараллара биһиэхэ эмиэ үөрүүлээх сонун буолар, чуолаан парашютистар штаттарын элбэтиэхтэрин наада, — диэтэ кини.

Ян Петров этэринэн, төһөнөн элбэх парашютист-баһаарынай баар да, соччонон ойуур баһаарын түргэнник умулларыахха сөп буолар. Урут Саха сирин авиалесоохранатын үлэһитэ 1000 буоллаҕына, билигин нэһиилэ 200-чэкэ эрэ.

«Сайын ортото баһаардар элбээтэхтэринэ исписэлиис дьон олох тиийбэт буолар. Ойуур баһаарын умулларыыга исписэлиис дьон элбэҕэ хаһан баҕарар кыайыылаах буолар. Онон биһиги ойуур баһаарыгар быһаччы үлэлэһэ сылдьар дьон ити сонуну олус үөрэ, сэргии иһиттибит», — диэн түмүктээтэ кини.

Ааптар: Күннэй Алексеева.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА