2019 сыл тохсунньу 1 күнүгэр олоххо киирбит сокуонунан ойууру арендалааччылар кэрдибит сирдэрин бүтүннүү чөлүгэр туһэриэхтэрэ. Төһө сир кэрдиллибит да, оччо сиргэ саҥа мас олоруохтаах диэн, айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Билигин Саха сиригэр 65 ойууру арендалааччы 9173,1263 га сири чөлүгэр түһэриигэ сайаапка биэрбит.
Былырыын тохсунньу 1 күнүгэр олоххо киирбит «О компенсационном лесовосстановлении» диэн федеральнай сокуон быһыытынан, Лесной Кодекс 43-46 ыстатыйаларыгар ыйыллыбыт ойууру арендалааччылар, биир сылтан итэҕэһэ суох кэм иһигэр, төһө сири кэрдибиттэрин саҥа маһынан олордуохтаахтар.
Сокуону кэһээччилэргэ – салайааччыга биэстэн уон тыһыынча солкуобайга диэри, юридическэй сирэйдэргэ – 200-300 тыһыынчаҕа диэри ыстараап суруллуо.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/skolko-lesa-arendator-vyrubil-stolko-i-dolzhen-vosstanovit-minekologii-yakutii-razyasnili-zakon-o-kompensatsionnom-lesovosstanovlenii/
This post was published on 12.08.2020 16:01 16:01