Ойуур уотугар үлэлиир байыаннай тиэхиникэ көмөтө улахан

ЫБММ байыаннай тиэхиникэтэ алта миэтэрэҕэ тиийэ кэтиттээх минерализованнай балаһаны оҥорор кыахтааҕынан ойуур уотун кытары охсуһууга улахан көмөлөөх, диэтэ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев бэҕэһээ социальнай ситимнэринэн быһа тахсыытын кэмигэр.


Тиэхиникэлэр билигин Нам улууһугар нэһилиэктэргэ суоһуур улахан уоттарга үлэлии сылдьаллар.

Быйыл уопсайа 200 мөл суумалаах уоту кытары охсуһарга аналлаах тэрил ылыллыбыт. Итини таһынан, Уһук Илиннээҕи хамыыһыйа быһаарыытынан эбии 150 мөл солкуобайы тиһиликтээх тыраахтырдары ыларга биэртэр.

This post was published on 12.08.2021 11:01 11:01