Кулун тутар 20 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууга уонна инникитин бохсууга туһуламмыт бырабыыталыстыба чааһа ыытылынна. Мунньаҕы Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин ыытта.
СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбаларын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев сүрүн дакылааты туруорда. Кини иһитиннэрбитинэн, ойуур баһаарын бохсорго 2024 сылга федеральнай бүддьүөттэн 1 млрд. 619 мөл. солк. тэҥнэһэр субвенция көрүллүбүт. Бу 2022-2023 сыллардааҥы сууманы кытары тэҥ. Оттон СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 1 086 мөл. солк. көрүллүбүт, бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 16 мөл. солк. үрдүк.
Билиҥҥи туругунан авиациянан уонна сиринэн патруллааһын маршруттара, баһаары утары ыытыллар тэрээһиннэр судаарыстыбаннай сорудахтара бигэргэммиттэр. Ойуур баһаардарын умуруорууга кэлим былаан бигэргэммит, онно олоҕуран былаан оҥоһуллар, аукционнарга докумуоннар бэлэмнэнэллэр.
СӨ гражданскай көмүскэлин дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистири солбуйааччы Никита Павлов иһитиннэрбитинэн, 2024 сылга 461 олорор пуун ойуур баһаарыттан кутталга суоһаналлар. Маны тэҥэ, 34 оҕо сынньанар уонна чэбдигирэр сирдэрэ, 74 кэммиэрчэскэйэ суох даачаларынан дьон түмсүүлэрэ кутталлаахтар.
Өрөспүүбүлүкэ араас муннугар искусственнай сөҥүүлэри ыҥырыы эспэримиэнэ үтүө түмүктэрдээҕин дакаастаабыт. Бу ньыма көдьүүстээҕинэн, быйыл эмиэ туттуллуоҕа.
Норуот дьокутааттара ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмин, муниципалитеттарга эбии үбүлээһини чопчуластылар. Баһаары умулларыыга үлэлээччи тиэхиньикэнэн, малынан-салынан, аһынан-таҥаһынан хааччыллыыта толору буолуохтааҕын, төлөнөр хамнас улаатыахтааҕын ыйдылар, суруйда Саха парламент саайт.