Саха сиригэр ойуурга турбут уоту утары эстэрэр үлэлэр исписэлиистэрэ «Авиалесоохрана» Приволжскайдааҕы авиаотделениетыттан кэллилэр. 26 киһи уонна Ми-8 бөртөлүөт Алдаҥҥа баазаланнылар. Састаап ойуур баһаардарын утары эстэрэр үлэни ыытыаҕа, соҕуруу уонна соҕуруу-илин оройуроннарга. Чуолаан бу территорияларга элбэх уот баара бэлиэтэнэр.
«Бастакы сорукпут – соҕуруу оройуоттарга үлэлээһин, манна саамай элбэх умайыы баар. Эстэрии — ойуур баһаарыгар саамай быһаарыылаах ньыма буолар, ордук ыраах территорияларга, хайалаах сирдэргэ, чугаһынан уута суох миэстэлэргэ. Үрдүк күүрүүлээх детонирующай шнуру туттан балаһа уурдахха, авиация уоту кытта үлэтэ 5 — 6 төгүл түргэн буолар, илии үлэтинээҕэр», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников мунньахха.
This post was published on 06.06.2024 15:01 15:01