Ойуур баһаардарын утары араас тиэхиникэ ылылынна

«Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн ойуур баһаардарын умулуннарыыга анал тиэхиникэ кэллэ. Бу туһунан айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. 


Бэҕэһээ Аллараа Бэстээххэ Барнаул куораттан үс ТЛ-4 булууктаах тыраахтыр кэллэ. Сотору 25 квадрокоптер, 20 бөртөлүөттэн түһэр Кашевник систиэмэтэ кэлэрэ күүтүллэр.

Быйыл барыта 18 анал тиэхиникэ – аҕыс квадроцикл, түөрт УАЗ-Патриот, алта — УАЗ-Фермер массыына кэллэ. Туһааннаах тэрилтэлэри анал тиэхиникэнэн, тэрилинэн хааччыйыыга федеральнай үптэн 200,18 мөл солкуобай көрүллүбүт.

This post was published on 25.05.2021 17:02 17:02