Саха сиригэр умайар ойуур баһаардарыгар бу сарсыардааҥҥы туругунан икки тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир, икки сүүстэн тахса тиэхиникэ. Күннээҕи суһал ыстаап иһитиннэриитин кэмигэр бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников эбии авиатиэхиникэ ыҥырыллыбытын эттэ.
Саха сирин үрдүнэн уопсайа 216 баһаар умайарыттан 68 умуруораллар. Суукка иһигэр 10 баһаар төгүрүтүллүбүт, 16 умулуннарыллыбыт, эбии 9 баһаар күөдьүйбүт. Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн 700 киһи үлэлиир. Халлаан туругунан авиатиэхиникэ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Мииринэйгэ үлэлээбит.
«Бүгүн икки БЕ-200 сөмөлүөт кэлэрэ күүтүллэр. Маны таһынан аҕыс бөртөлүөт, биир зондировщик сөмөлүөт үлэлиллэр», — диэтэ Садовников.
Суһал ыстаап ураты болҕомтотун Горнай улууһун Маҕарас, Кэптин, Дьиикимдэ нэһилиэктэригэр, Сунтаар Кэмпэндээйитигэр, Нам Салбаныгар уурар.
This post was published on 19.07.2021 11:46 11:46