Ойуур баһаардарыгар уустук балаһыанньа Кэбээйи, Таатта, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Нам, Томпо улуустарыгар бэлиэтэнэр. «Тыал уҕараабат, билигин хайысхатын Бүлүү бөлөх улуустарын диэкки уларытта. Онон ити улуустарга үлэни күүһүрдүү барар», — диэтэ бу сарсыарда суһал ыстаап күннээҕи иһитиннэриитигэр бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников.
Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 156 ойуур баһаара умайар, онтон 72 умулуннараллар. Суукка иһигэр 8 баһаары төгүрүппүттэр, үһү умулларбыттар. Түөрт саҥа баһаар күөдьүйбүт.
Баһаарга уопсайа 4097 киһи, 584 тиэхиникэ, авиация үлэлииллэр. ЫБМ, Оборона министиэристибэлэрин, гражданскай авиация бөртөлүөттэрэ күүскэ үлэлииллэр.
Уустук учаастактар Кэбээйи улууһун Сангаар, Кальвица, Сииттэ нэһилиэктэригэр, Таатта Ытык Күөлүгэр, Уус Алдан Кылаайытыгар, Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыгар, Хомустааҕар, Дүллүкүтүгэр, Далырыгар, Нам Фрунзетыгар, Көбөкөнүгэр, Харыйалааҕар, Томпо Ударнигар баалларын Садовников эттэ.