Наукаҕа ойуур баһаара уонна халаан уута сибээстээхтэрин туһунан теория биллэн эрэр. СИА-ҕа ирбэт тоҥу үөрэтэр институт сүрүннүүр научнай сотруднига, ХИФУ килиимэти үөрэтэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Никита Тананаев уонна естественнай наукалар институттарын эколого-географическай салаатын доцена Михаил Васильев кэпсээтилэр.
Теория этэринэн, баһаардар килиимэт уларыйыытыгар суолталаахтар: ойуур умайарыгар парниковай гаас элбэхтик тахсар уонна экосистиэмэ гидрологическай эрэһиимэ кэһиллэр.
Учуонайдар этэллэринэн, баһаартан төһө элбэх ойуур умайар да, өрүстэр уунан туолууларыгар улахан уларыйыылар тахсаллар.
Эдэр ойуур ардах уонна ирэр ууну кыратык мунньунар. Ол иһин үрүйэлэри, үрэхтэри, өрүстэри уу толорор. Элбэх сөҥүү түспүт сылыгар халаан уутун куттала баар буолар.
Сиһилии https://ysia.ru/svyazany-li-lesnye-pozhary-i-pavodok-mneniya-ekspertov/