Бу сайын арҕаа, соҕуруу улуустарга хаһааҥҥытааҕар да сыралҕан куйаас күннэр сатыылыахтара диэн күнү-дьылы билгэлээччилэр сэрэтэллэр. Ону кытта ойуур баһаара турара кутталланар.
2017 с. өрөспүүбүлүкэҕэ 634 кытыастар төлөн 1 мөл. 600 тыһ. гектардаах сири Кэбээйигэ, Уус Алдаҥҥа, Горнайга, Бүлүү бөлөххө, о.д.а улуустарга умаппыта. Ойуур маһа, эдэр умнастара уокка былдьанан, 211 мөл. суумалаах хоромньу тахсыбыта. Былырыын дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин «Авиалесоохрана” тэрилтэ филиалын Дьокуускайга арыйарга сорудахтаабыта.
Онон, быйыл 65 киһилээх тэрилтэ аһыллан, баһаары умулларыыга үлэлиэхтэрэ. Бэс ыйын бүтүүтэ, искусственнай ардаҕы ыҥыран, сэрэтэр үлэ барыаҕа.
СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Вячеслав Попов иһитиннэрбитинэн, ойууру баһаартан көмүскүүргэ былаан оҥоһуллан, бигэргэтиллибит. Бу сыалга ыксал тирээтэҕинэ хайдах дьаһанарга, тугу гынарга 25 былаан чопчуламмыт.
Айылҕа баһаарын сэрэтэргэ муус устар ортотугар диэри улуустары кэрийэ сылдьан СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын департамена 22 мунньаҕы ыытыаҕа. Олохтоохтор уоту умуруорарга хайдах хааччыллыылаахтарын, ГСМ саппааһын бэрэбиэркэлиэхтэрэ. 58 мөлүйүөн солк. үп баһаары умулларыыга, тырааныспар ороскуотугар көрүллэн турар.
Сахабыт сирин улуустарыгар саас ханна эрэ эрдэлиир, оттон хоту диэки хойутаан кэлэр. Ортотунан ыам ыйын саҥатыттан уоттан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланар. Ойуур баһаара туруутугар буруйдаах дьон эппиэккэ тардыллыахтара диэн айылҕаны харыстыыр үлэһиттэр сэрэтэллэр. Бу күннэргэ хаар ууллуута бааһыналарга кураанах оту өртөөһүн үлэтэ барыаҕа.
Былырыын кытыастар уот төлөнө 56 нэһилиэккэ олох чугас ыган кэлбитэ, сорохторго 1 км. чугаһынан суоһаабыта. Маннык кутталлаах быһыы-майгы тахсыбатын туһугар СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын департамена уонна саҥа тэриллибит «Авиалесоохрана” күүскэ тэринэн үлэлиэхтэрэ. Баһаартан сэрэхтээх буолар үлэ былаанын кулун тутар 28 күнүгэр Ил Дархан Егор Борисов ыыппыт олохтоох бэйэни салайыныы сүбэ мунньаҕар улуус баһылыктарын кытта көрсүһүүгэ дьүүллэстилэр.
This post was published on 31.03.2018 17:00 17:00