Бу сыл сэтинньи 15 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейыгар «Человек тысячелетие» диэн ааттаах бөдөҥ государственнай, политическай деятель, саха норуотун бүттүүн сомоҕо буолан талбыт бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев 85 сааһыгар анаммыт быыстапка аһылынна.
Быыстапкабыт аата «Человек тысячилетие» диэн. Тоҕо маннык ааттаатыбыт?
2000 сыллаахха Великобритания Кембридж куоратыгар баар аан дойдутааҕы биографическай киин быһаарыытынан, киниэхэ аан дойдутааҕы «Человек тысячелетия» үрдүк аат иҥэриллибитэ. Бу муус куйаар дойдулаах, тоһуттар тымныы сиринэн биллибит Саха сирин лидеригэр аан дойду политиктарын кэккэтигэр турар, үлэһит киһи көмүс көлөһүнүн тилиннэрэр билинии буолар. Ол эрээри Михаил Ефимович саамай үрдүк наҕараадата – бэйэтин норуотун таптала, ытыктабыла буолар.
Быыстапка аһыллыытыгар Октябрьскай нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Александар Вырдылина, Чөркөөх уопсастыбаннаһа, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Тэрээһини олохтоох культура киинин «Көһөҥө—ситим» фольклорнай бөлөҕө киэргэтэн, төрүт тыын кэрэ ситимин кытта дьүөрэлээтэ.
Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Ефимович төрөөбүт норуотугар, үүнэр көлүөнэҕэ үгүһү айан-тутан, улахан нэһилиэстибэни хаалларда. Улуу Алампа: «Норуоттан тутуһуҥ, Норуокка туһалааҥ», — диэн эппитинии кини олоҕо бүүс бүтүннүү төрөөбүт норуотугар ананар.
Бу ый устата музейга бастакы Президеммитигэр аналлаах музейнай уруоктар ыытыллыахтара.
Ааптар: Светлана Халгаева.
Хаартыскаларга: Быыстапка тµгэннэриттэн
This post was published on 16.11.2022 14:33 14:33