Таатта улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн депутаттарын делегацията кэллэ. Спикер Петр Гоголев салайар бөлөҕө олохтоохтору кытта «Сүүс сыллаах улуу былаан» тула кэпсэттилэр.
Ил Түмэн депутаттара Таатта улууһугар икки күн үлэлиэхтэрэ. Олохтоохтору кытары көрсүһүүлэр, производственнай объектарга сылдьан үлэни-хамнаһы кытары билсиэхтэрэ.
Бастакы күн сарсыардаттан Чөркөөххө кэлэн олохтоох салалтаны кытары элбэх хайысхалаах култуура дьиэтэ тутуллар үлэтин хаамыытын тула кэпсэттилэр, Чөркөөх орто оскуолатыгар сылдьан үөрэнээччилэри, учууталлары кытары көрүстүлэр.
П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейыгар сылдьан, Петр Васильевич Гоголев оскуола үөрэнээччилэрин кытары Платон Алексеевич суруйбут «Сүүс сыллаах Улуу былаан» кэпсээнин талах олоппосторго атах тэпсэн олорон ырыттылар. Платон Алексеевич суруйбут сүүс сыл иһигэр туолуохтаах уларыйыылара төһө туолбуттарын, аны сүүс сылынан олохпутугар туох саҥа сүүрээннэр киириэхтэрин сөбүн туһунан билиҥҥи кэм оҕолоро, Платон Алексеевич биир дойдулаахтара кэпсээтилэр, санааларын эттилэр. Өскөтүн Платон Алексеевич олоҥхо кэпсээнигэр «…нэһилиэк нэһилиэк аайы телефонунан кэпсэтэр буолуохпут… Уон хонукка оҕуһунан, атынан сылдьар сырыыбытын уон чааһынан сылдьар буолуохпут, дьэргэлгэн курдук көтүөхпүт, холорук курдук атыллыахпыт,» диэн тиспитэ, сүүс сыл иһигэр туолла. Ойуунускай билиҥҥи биир дойдулаахтара «Аны сүүс сылынан быраас солото суох буоллаҕына, уустук эпэрээссийэни робот толоруоҕа, атын планеталарга холкутук күүлэйдии барыахпыт» диэн уонна да атын баҕа санааларын эттилэр.
Салгыы делегация П.А.Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар «Дэлбэрийбиккэ» сылдьан, мэҥэ өйдөбүнньүккэ тыыннаах сибэкки ууран, төрөөбүт балаҕаныгар тохтоон, сүгүрүйдүлэр.