Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, бэс ыйын 22 — 27 күннэригэр Эдьигээн улууһугар Дьокуускайдааҕы харах балыыһатын хирургтарын биригээдэтэ үлэлээтэ. Барыта 100 киһи көрдөрүннэ, 36 катаракталаах эпэрээссийэлэннэ.
«Кэлээт, эпэрээссийэлэниэхтээх дьону көрбүппүт. Ыарыһах уопсай туругун бэрэбиэркэлээбиппит. Хрусталиктарын үөрэппиппит. Сарсыныгар эпэрээссийэни саҕалаабыппыт. Итиэннэ иккис харахтарын оҥорторбуттар көрдөрүммүттэрэ. Биир хараҕар экстреннай патологиялаах дьахтары Дьокуускайга аҕалбыппыт, кини билигин балыыһаҕа сытар», – диэн эттэ кылаабынай быраас Иван Луцкан.
Харах быраастарыгар көрдөрүнэ нэһилиэктэртэн кэлбиттэр. Барыларыгар офтальмологическай көмө оҥоһулунна. Иван Луцкан эппитинэн, пациеннарга 4-5 саастаах оҕолортон саҕалаан, 90 саастаах бэтэрээннэргэ тиийэ бааллар.
Офтальмологтары улуустарга командировкалыыр туһунан Айсен Николаев «Прямой эфир» телебиэрии кэмигэр Эдьигээнтэн быһа эпииргэ тахсан, ыйытыы биэрбитигэр быһаарбыта.
От ыйын 5 — 10 күннэригэр харах быраастара Амма улууһугар үлэлиэхтэрэ.
This post was published on 28.06.2022 16:01 16:01