Офтальмология балыыһатын ыарыһахтарын обсерваторга киллэрдилэр

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар коронавируска барыллаан уорбаламмыт түөрт сотрудник анаалыһа бигэргэннэ. СИА-ҕа суһал штаб иһитиннэрдэ.


Лазернай хирургия киинин бырааһыгар, клиника-диагностыыр отделения медсестратыгар уонна санитаркатыгар, суһал офтальмологическай медкөмө санитаркатыгар СOVID-19 баара бигэргэннэ.

Билигин эбийиэги дизенфекциялаатылар. Контактар булулуннулар. Суһал көмө, күнүскү стационар, уонна ЯРОКБ стационарыгар эмтэниини ааспыт, ааһар пациеннар испииһэктэрэ оҥоһулунна, Роспотребнадзорга бэрилиннэ.

Коронавирус биллибит кэмигэр балыыһаҕа сыппыт ыарыһахтары обсерваторга киллэрдилэр. Онно салгыы эмтэниэхтэрэ, икки нэдиэлэ «самоизоляцияланыахтара».  Балыыһаҕа суукканы эргиччи стационар олохтонно.

This post was published on 27.04.2020 14:03 14:03