Одьулууҥҥа гааһы киллэрии үлэтэ саҕаланна

Чурпачы улууһун Одьулуунугар гааһы киллэрии үлэтэ саҕаланна. Үлэ саҥаланыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр бастакы вице-премьер э.т.- Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын салайааччы Юрий Куприянов сырытта.


Бэлиэ күҥҥэ газ турбатын бастакы сиигин сыбааркалаатылар. «Тыа сиригэр олох тупсарыгар өрөспүүбүлүкэ салалтатын туруулаһыыта олоххо киирэр. Эһиги дьиэлэргит ичигэс буолалларыгар үлэ саҕаланна», — диэтэ Юрий Куприянов.

«Сахатранснефтегаз» АО генеральнай дириэктэрэ Иван Макаров эппитинэн, эһиил манна «Күөх төлөн» күлүбүрүү умайыаҕа. Бэдэрээччити талыыга үс улахан куонкурус ыытыллыбытын туһунан кини иһитиннэрдэ. Итинтэн биирин «Адгезия» компания кыайбыт, инньэ гынан нэһилиэк үс гыммыттан биирин бу тэрилтэ гаастыаҕа.

This post was published on 12.09.2016 11:28 11:28