2022 сылга РФ-ҕа ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр муҥутуур үрдээһинэ ортотунан 4%-тан элбиэ суоҕа. Ол туһунан тутуу миниистирин солбуйааччыта Алексей Ересько иһитиннэрдэ.
«ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр тарыыба сылга биирдэ уларыйар, от ыйын 1 күнүгэр. Бигэргэтиллибит муҥутуур индекстан улаатыннарыы көҥүллэммэт. Бу сылга индекс уларыйыыта ортотунан 4%», — диэтэ Алексей Ересько.
Кини иһитиннэрбитинэн, быйыл бырабыыталыстыба пеня ааҕыытын усулуобуйатын уларыппыта. Киин баан ставкатын, ыстыраап суоттааһынын таһаарылларыгар, 9,5% хаалларбыта. Муус устардааҕы уурааҕынан, «рассрочкаҕа» Россия Баанын ставкатын 9,5% кээмэйэ туттуллар.
Квитанцияны кумааҕынан эрэ буолбакка, электроннай киэбинэн эмиэ ылыахха сөп. «Квитанцияны ОДьКХ ГИС систиэмэтигэр көрүөххэ сөп. Быйылгыттан «Госуслуги» порталга көһөрүллүөҕэ», — диэтэ Ересько. Өҥөнөн туһанааччы ханнык киэбинэн квитанцияны тутарын бэйэтэ талар.
Источник: «Интерфакс»
This post was published on 17.05.2022 09:01 09:01