РФ вице-премьера Марат Хуснуллин коммунальнай өҥө иһин төлөбүрү быһаарда.
Дьиэ-коммунальнай өҥө иһин былааннамматах сыана үрдээһинэ күүтүллүбэт. Өҥө иһин тарыып биирдэ — от ыйын 1 күнүттэн уларыйыаҕа, ол туһунан эрдэттэн иһитиннэриллибитэ.
Кээмэйин РФ бырабыыталыстыбата хас биирдии региоҥҥа анаан 2021 сыл бүтэһигэр бигэргэппитэ. Индексация 2,9% — 6,5% буолуоҕа. Бу сыыппаралар хат көрүллүбэттэр.
Маны сэргэ, Бырабыыталыстыба быһаарыытынан, ОДьКХ өҥөтүгэр пеня уонна ыстыраап уруккутун курдук 9,5% ааҕыллыаҕа.
Өскөтүн бу ыстаапканы Киин Баан 20% ыстаапкатынан үрдэттэххэ, дьоҥҥо ыарахаттары үөскэтиэн сөп.
#объясняемрф
This post was published on 01.04.2022 17:04 17:04