ОДьКХ реформатыгар көмө оҥорор пуондаттан Саха сирэ эбии 10,5 млрд солк ылыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев уонна ОДьКХ реформатыгар көмө оҥорор пуонда судаарыстыбаннай корпорация генеральнай дириэктэрэ Константин Цицин хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ бырагыраама региоҥҥа үлэлииригэр эбии үбүлээһиҥҥэ сөбүлэҥҥэ илии баттастылар.  Докумуоҥҥа олоҕуран өрөспүүбүлүкэ эбии 10,5 млрд солк Пуондаттан ылыаҕа, СИА-ҕа сүрүн пресс-сулууспа иһитиннэрдэ.


РФ бырабыыталыстыбатын саппаас пуондатыттан хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагыраама туолуутугар анаан ОДьКХ реформатыгар көмө оҥорор пуондаҕа 50 млрд солк көрүллүбүтүттэн, Саха сиригэр 2020-2021 сылларга түһүмэхтэринэн эбии 10,5 млрд солк бэриллиэҕэ.

Бу үбүлээһинтэн өрөспүүбүлүкэ абаансанан 2 млрд солк ылла. Тута сыалынан туттуллар, ол эбэтэр көһөрүллэр дьиэлэргэ дьоҥҥо төлөбүргэ уонна тутааччылартан дьиэ ылыытыгар.

Саха сирэ тустаах Пуонданы кытта ситиһиилээхтик үлэлиир. Сөбүлэҥ бииргэ үлэлээһиҥҥэ саҥа көҕүлээһини оҥорор.

Константин Цицин региоҥҥа хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата ситиһиилээхтик үлэлиирин бэлиэтээтэ.

«Бырагыраама иккис түһүмэҕэ Саха сиригэр куһаҕана суохтук саҕаланна. Бу сылга былаан туолуоҕа уонна ааспыт сыллааҕылары учуоттаан сабыынан, кыратык инникилээх буолуоҕа», — диэтэ кини.

This post was published on 19.11.2020 16:02 16:02