Хаҥаластааҕы ОДьХХ филиалын Үөдэйдээҕи учаастагар саҥа гараас тутуллар. Түөрт тиэхиньикэҕэ анаммыт эбийиэк учаастактааҕы уонна филиал кэлэктиибин күүһүнэн оҥоһуллар.
«Тутуу үлэтэ балаҕан ыйыгар саҕаламмыта. Олохтоох үлэһиттэрбит бэйэлэрэ сэндвич панелынан таҥан туруордулар. Үбүлээһинин барытын Хаҥаластааҕы ОДьХХ филиала уйунна. Күн бүгүн гараас тутуута түмүктүүр түһүмэххэ кэллэ. Билигин итии ситимэ тардыллар, эбийиэк сылааска холбоммутун кэннэ, уот ситимин киллэриэхтэрэ. Бэйэбит учаастакпыт билигин икки тиэхиньикэлээх – улахан погрузчик уонна «Беларусь» тыраахтар. Тыа сиригэр тиэхиньикэ кыһыннары-сайыннары үлэлиир, онон ону көрүнэргэ, өрөмүөннүүргэ үчүгэй усулуобуйа ирдэнэр. Аны туран, уһук сытар нэһилиэк буоламмыт түүн-күнүс айан массыыналара, кыһыҥҥы суол баарына таас чох тиэйэр тиэхиньикэлэр алдьанар-кээһэнэр түгэннэригэр бу гарааска тохтоон, көрүнэн ааһар буолуохтара диэн былааннаан маннык киэҥ гарааһы туттардыбыт», — диэн 4-с Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Николай Осипов иһитиннэрдэ, суруйда Ольга Гермогенова, «Хаҥалас» хаһыат.
This post was published on 25.10.2024 11:07 11:07