Оборуона министиэристибэтэ: Кыайыы Параадын күнүн-дьылын уларытар туһунан быһаарыы суох

Ыам ыйын 9 күнүгэр буолуохтаах Кыайыы 75 сыллаах Параадыгар бэлэмнэнии былаан быһыытынан бара турар. Күнүн-дьылын уонна тэрээһин ыытыллар киэбин уларытыы туһунан ханнык да быһаарыы суох.  Ол туһунан чэппиэргэ РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ генерал-майор Игорь Конашенков эттэ диэн, «Российская газета» суруйар.


Кини эппитинэн, муус устар 1 күнүн көрсө, уочараттаах бэлэмнэнии ыытыллыбыт. «Тус састаап коронавирус инфекциятынан сутулубатын туһугар кытаанах миэрэлэр ылыллаллар. Параад хас биирдии кыттыылааҕа ирдэбили тутуһар«, — диэн бэлиэтээтэ  Игорь Конашенков.

Генерал эппитинэн, параад кыттыылааҕын температуратын хаста да бэрэбиэркэлииллэр. Байыаннайдар мустар сирдэрин күн устата дезинфекциялыыллар. «Бары бу үбүлүөйдээх параадка кыттар баҕалара баһаам, онон туох баар ирдэнэр миэрэни тутуһан бэлэмнэнэллэр«, — диэтэ Конашенков.

Эрдэ сорох СМИ Кыайыы Параада көһүөн сөптөөҕүн туһунан суруйан турар.

This post was published on 03.04.2020 12:11 12:11