Быстах байыаннай хомуур тэрээһиннэрэ, маны сэргэ бэлэмнэнии уонна бэбиэскэлэри туттарыы тохтотуллубуттарын РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ эттэ, суруйар ТАСС.
«Байыаннай комиссариаттар РФ субъектарын толоруулаах былаастарын кытта саппааска баар дьону байыаннай сулууспаҕа ыҥырар тэрээһиннэрэ тохтотулунна. Бэлэмнэнии уонна бэбиэскэлэри туттарыы бүттэ», — биэдэмистибэҕэ эттилэр.
Байыаннай комиссариаттар салгыы баҕа өттүнэн барааччылары, хантараактаахтары кытта үлэлииллэр. Ол туһунан министиэристибэҕэ эттилэр.
This post was published on 01.11.2022 09:33 09:33