Оборона министиэристибэтин сөмөлүөттэрэ Мииринэй, Сунтаар баһаардарыгар үлэлиэхтэрэ

Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин сорудаҕынан оборона министиэристибэтин икки Ил-76 сөмөлүөтэ кэлиэ. Бу туһунан вице-премьер Дмитрий Садовников бу сарсыарда иһитиннэрдэ диэн, СИА суруйар.   


«Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 316 ойуур баһаара 1,3 млн га сиргэ умайар. Онтон 76 баһаарын умулуннарыы үлэтэ ыытыллар. Ааспыт сууккаҕа 14 баһаар төгүрүтүлүннэ, 20 умулуннарылынна. Ол эрэн эбии 12 баһаар күөдьүйдэ. Уоту кытары охсуһууга 2244 киһи 320 тиэхиникэ үлэлиир», — диэтэ Дмитрий Садовников.

«Бүгүн оборона миистиэристибэтин икки Ил-76 сөмөлүөтэ кэлэрин күүтэбит. Сөмөлүөттэр Мииринэй, Сунтаар улуустарыгар үлэлиэхтэрэ. Маны таһынан итиннэ оҥоһуу ардаҕы ыҥырар АН-26 сөмөлүөт эмиэ үлэлиир», — диэтэ кини.

This post was published on 14.07.2021 11:26 11:26