Оҕуруоччут оҕонньор сүбэлэрин тириэрдэр

Сааһын тухары агрономнаабыт Егор Егорович Ноговицынтан үүнээйини көһөрүү, олордуу саамай үгэннээн турар кэмигэр сүбэ-ама ыллыбыт. Кини теплицаны тоҕо соҕуруу аанныыры, арассааданы хайдах олордору уонна Саха сирин оҕуруоччуттарыгар аналлаах халандаар туһунан кэпсээтэ.


Оҕурсу

Оҕурсу теплицатын хайысхата хотуттан соҕуруу буолара ордук. Аана соҕуруу хайыһар. Үөһэнэн форточкалыахха наада. Ону аһарга-сабарга хас да тоһоҕолоох ураҕаһы туттар ордук. Онон теплицаҕын иһиттэн сэгэтэн салгылатаҕын. Хайдах сэгэтэргиттэн көрөн, тоһоҕотунан иҥиннэрэн кэбиһэҕин. Бу бэйэ оҥоһуга тэрил туттарга олус табыгастаах.

Аны туран, оҕурсу арассаадатын хайаан да биир ый туруоран баран көһөрөҕүн. Арассааданы буорга олордорго, саамай кылаабынайа, бу иннинэ олордубут арассаадаҥ буорун үөһэ өртүттэн кыра да буоллар (биир-икки да см буоллун) өндөччү хаалларыллыахтаах. Оҕурсу угун төрдүгэр быыкаа маҕан бөлтөркөйдүҥүлэр таҕыстахтарына, олору дьэ, теплица буорунан көмөн иһэҕин. Олор буорга киирэннэр силис тардаллар.

Помидор

Помидор теплицатын эмиэ хотуттан соҕуруу оҥорор үчүгэй. Манна икки ойоҕоһунан салапаанын 20-25 см. уһун гына хааллараҕын. Бу уһун салапааны ис өттүгэр эрийэн теплица быһаҕаһыгар диэри хомуйан таһааран, икки өттүттэн быалаах тоһоҕоҕо иилэ тардан кэбиһэҕин. Оччоҕуна алларанан салгын киирэн курдат ааһар. Киэһэтин салапаанын сабан баран, хаптаһынынан баттатаҕын.

Помидор арассаадата икки ый курдук буолуохтаах. Ол кэннэ олордуллуохтаах.

Биэрэс

Биэрэс уустук үүнээйи. Саамай кылгас күннээх, эрдэттэн хараҥарар халлааннаах дойду аһа. Ол иһин, бу үүнээйи теплицатын күлүктээх сиргэ туруоруохтаахпыт. Киэһэ тоҕус чаастан хараҥардыллара ордук. Теплица арҕаа уонна хоту өттүн тыал-куус киирбэт гына бүөлээн, салапаанынан тардан кэбиһэҕин. Соҕуруу уонна илин өттүнэн эрэ аһаҕын. Биэрэс хараҥаны, ууну уонна сылааһы таптыыр.

Биэрэс арассаадата икки ый буолуохтаах.

Саха сирин оҕуруоччуттарыгар аналлаах халандаар

Оҕуруокка, киһиэхэ сыһыаннаах халандаары агроном-почвовед идэлээх Петров Юрий Васильевич оҥорон таһаарбыт. Бу халандаарга киһи доруобуйатыгар ый дьайар күүһэ, үүнээйини, оҕуруоту көрүү-харайыы, олордуу барыта ыйыллар. Ол сиһилии быһаарыллар. Холобур, баттах кырыйтарар, бултуу-балыктыы барар табыгастаах күннэр бу ый халандаарынан араарыллаллар. Биһиги ону билбэт буоламмыт, араас сыыһалары-халтылары оҥоробут. Үүнээйилэри олордууга, көрүүгэ-харайыыга эмиэ оннук. Оннооҕор, сыыс оппутун кытта халандаарынан сирдэтэн, көрөн үргээтэхпитинэ, кэлин сыыс от тахсара бытаарар.

Аны туран, тустаан чуо киһиэхэ бэйэтигэр сыһыаннааҕы этэр буоллахха, төрөөбүт анал бэлиэҕинэн көрөн эмиэ туһанаҕын. Онно биэс циклга киһи энергията күүһүрэр, улаатар кэмэ. Онтон салгыы кэлэр алта циклга арыый кыччыыр, мөлтүүр.

Бионьыма туһата

Арассыыйаҕа аан бастаан 2005 сыллаахха Бурятияҕа биоудобрение оҥорор собуот (“Байкал” собуота, “АРГО” хампаанньатын нөҥүө тарҕатыллар) аһыллыбыта. Медицина наукатын дуоктара, профессор П.А.Шаболин киһи доруобуйатыгар аһылык туһалаах эрэ буолуохтаах диэн үлэлэһэн оҥорбут. Киһини сэҥээрдэрэ итиннэ сытар.

Тус бэйэм бу “Байкал” технологиятын туһаммытым ыраатта. Моонньоҕонум биир угуттан биир биэдэрэни ылабын. 10х10 сирбиттэн сыл аайы уоннуу куул хортуоппуйу хомуйабын. Атын да үүнээйилэрим үчүгэйдэр. Үүнээйим буорун уларыппаппын. Сыл аайы ноһуомун эрэ эбэн биэрэбин.

Оҕуруоччут туһунан кылгастык

Егор Егорович Ноговицын Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх. Аҕата Егор Иванович Аҕа дойду улуу сэриитигэр сэттэ сыл сылдьыбыт. Ийэтэ Акулина Семеновна сэрии кэмигэр бастакы тырахтарыыһынан үлэлээбит, Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Дьөгүөр быыкаа эрдэҕиттэн, дьиэ кэргэнигэр улахан уол аатын сүгэн, үлэҕэ барытыгар миккиллибит. Оскуоланы бүтэрээт, дьонугар көмөлөһөр туһуттан сопхуоска сүөһүгэ үлэлээбит. Армияҕа Приморьеҕа сулууспалаабыт. Бииргэ төрөөбүттэрэ бары атахтарыгар турбуттарын кэннэ, 1975 с. рабфакка бэлэмнэнии кууруһу бүтэрэн, Иркутскайга үрдүк үөрэххэ киирэн, агроном идэтин ылбыт.

Үрдүк үөрэхтээх эдэр исписэлиис Чурапчыга кэлэн хонуу биригэдьииринэн, кормопроизводство начаалынньыгынан, салгыы оҕуруот биригээдэтэ тэриллэн онно биригэдьииринэн үлэлиир.

«Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, «СӨ спорт, физкультура сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэнэн наҕараадаламмыт, чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ спордун маастара, Россия уонна Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэлэриттэн бочуотунай грамоталардаах.

Сиһилии манна аах http://www.edersaas.ru/o-uruochchut-o-onnor/

This post was published on 08.06.2017 14:33 14:33