Сэтинньи 11 күнүгэр Санкт-Петербурга «XXI үйэҕэ норуот култуурата: үгэстэр уонна саҥа сүүрээннэр» аан дойдутааҕы пуорум чэрчитинэн «Норуот култууратын антологията» бырайыак сүрэхтэннэ. «Норуот култууратын антологиятыгар» Арассыыйа норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин 100 бастыҥ эбийиэгэ киирдэ. Ол иһигэр Оһуокайбыт Арассыыйа 100 култуурунай нэһилиэстибэтин чулуу айымньытын быһыытынан билинилиннэ.
Ону туоһулуур сибидиэтэлистибэни Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Сергей Семенов тутта.
Оһуокай былыргыттан баччаҕа диэри кэлбит төрүт үҥкүүбүт буолар. Элбэх киһи кэккэлэһэ тоҥолох- тоҥолохтон тутуһан ураты эйгэни, тыыны үөскэтэн, күн хоту эргийэн сиэри-туому оҥорор үҥкүү. Оһуокай — Олоҥхо кэриэтэ эмиэ саха норуотун дуохуобунай уонна матырыйаалынай нэһилиэстибэтэ буолар.
Санатар буоллахха, 2022 сылы Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайын сылынан биллэрбитэ, ол чэрчитинэн араас тэрээһин ыытылынна. Пуорумҥа Арассыыйа 40 эрэгэйиэниттэн итиэннэ Казахстантан, Белоруссияттан экспертэр уонна анал испэсэлиистэр кэлэн кытыннылар. Улахан тэрээһин түмүгүнэн Арассыыйа этнокультурнай нэһилиэстибэтин үөрэтиини, тарҕатыыны кэҥэтии туһунан быһаардылар.
This post was published on 14.11.2022 13:33 13:33