Оһуохай пуорумун түмүгүнэн туох этиилэри ылыннылар?

Ыам ыйын 27-28 күннэригэр I  Өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохай пуорума буолан ааста. Икки күнү быһа улуустартан, куораттартан кэлбит 200-тэн тахса киһи оһуохай кэскилин, инники сайдыытын, сибилигин тугу оҥоруохха сөбүн туһунан кэпсэттилэр, ырыттылар, этиилэрин киллэрдилэр.

Ааптар түһэриитэ.

Бастакы күн сиэксийэлэринэн арахсан, «Оһуохай» — саха норуотун төрүт үҥкүүтэ», «Оһуохай тылын-өһүн, хамсаныытын ис суолтата», «Оҕолору, ыччаты оһуохайга сыһыарыы, үөрэтии» диэн боппуруостары ырыттылар. Олус элбэх киһи тыл эттэ, бары да ис сүрэхтэриттэн кыһаллар, быһаччы үлэлии сылдьар дьон буоларын быһыытынан, элбэх этии киирдэ. Манна барытыгар учуонайдар, култуура үлэһиттэрэ кэлэн, көхтөөх кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх.

Иккис күнүгэр эбиэккэ диэри маастар-кылаастары көрдөрдүлэр. Аммалыы, мэҥэлии, таатталыы, уус-алданныы, чурапчылыы, хаҥаластыы, өлүөхүмэлии уонна бүлүүлүү, сунтаардыы, ньурбалыы оһуохайы Дархан этээччилэр, үтүөлээх этээччилэр, култуура үлэһиттэрэ көрдөрдүлэр, иһитиннэрдилэр. Сүрдээх интэриэһинэй буолла. Бу маны видеоҕа устан, тэттик ролик оҥорон тарҕатар эбитэ буоллар, оһуохай көрүҥнэрэ норуокка киэҥник тарҕаныах эбиттэр.

Пуорум түмүгүнэн резолюция ылылынна. Манна бырабыыталыстыбаҕа, култуура уонна үөрэх министиэристибэлэригэр этиилэрин киллэрдилэр. Дьэ, сүрүннээн тугу туруорсаллар эбитий?

— 2025-2035 сылларга анал судаарыстыбаннай бырагырааманы ылыныы;

— оһуохай туһунан матырыйаал хомуйарга эспэдииссийэлэри тэрийии;

— оһуохайы сайыннарарга анал Кэнсиэпсийэни ылыныы;

— С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни олохтооһун;

— оһуохай тиэкиһин уонна нуотатын бэчээттээн, хомуурунньугу таһаарыы, сыыппараҕа үйэтитэргэ үлэлэһии;

— «Азия оҕолоро» оонньуулар култуурунай бырагыраамаларыгар оһуохайы киллэрии;

— өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ытык оһуохай» бэстибээл-күрэһи ыытыы;

— үөрэх тэрилтэлэригэр оһуохайы үөрэтии;

— оһуохай этээччилэргэ айар мастарыскыайдары тэрийии, уо.д.а.

Бу этиилэр өссө чопчуланан, эбиллэн, кэҥээн биэриэхтээхтэр. Оһуохайы сайыннарыыга, тарҕатыыга үлэлиир тэрийэр хамыыһыйа салайааччыта Сергей Местников бэлиэтээн эппитинэн, «бу — олоххо киириэн сөптөөх, кыаллар этиилэр».

Оһуохай — Арассыыйа норуоттарын материальнайа суох нэһилиэстибэлэрин 100 кылаан айымньыларын иһигэр киирбитэ.

This post was published on 29.05.2024 12:01 12:01