Забайкальскай кыраай киин куоратыгар ахсынньы 4 — 8 күннэригэр ССРС спорт үтүөлээх маастара Владимир Ешеев бирииһигэр оҕунан ытыыга аһаҕас турнир буолар. Барыта 500 спортсмен 17 дойдуттан кыттар, ол иһигэр Саха сириттэн. Ол туһунан «Триумф» иһитиннэрдэ.
«Казахстан, Азербайджан, Армения, Белоруссия, Киргизия, Латвия, Мексика, Сербия, Судан, Таджикистан, Туркменистан, Турция, Узбекистан, Швейцария, Шри-Ланки, Соҕуруу Корея уонна Россия спортсменнара саамай бастыҥ ытааччы аатыгар күрэхтэһиэхтэрэ», – диэтилэр тэрийээччилэр.
Саха сирин хамаандатыгар лидердар киирдилэр — Мария Тараярова, Рената Гаврильева, Дайаана Винокурова, Юлия Маркова, Людмила Прибылых, Татьяна Никифорова, Екатерина Корнилова, Кристина Дрозд, Владимир Ким уонна Василий Алексеев.
Күрэхтэһии кыайыылааҕа 180 тыһ солк ылыаҕа, үрүҥ көмүс — 150 тыһ солк, боруонса – 120 тыһ солк. Кыайыылаах тренерэ 120 тыһ солк тутуоҕа.
Турнир арыллыыта ахсынньы 5 күнүгэр ыытыллар. Финал ахсынньы 7 күнүгэр буолар.