Саха сирин бырабыыталыстыбата Чурапчы оройуонугар «Уйгу туоната» олохтоох аһы-үөлү, табаары оҥорон таһаарыы территорията арыллыбытын бигэргэттэ. Кини састаабыгар Болугур, Мугудай, Соловьевскай уонна Чурапчы нэһилиэктэрэ киирэллэр.
Саҥа бырайыакка олоҕуран, миэбэл, килиэп, кондитерскай ас оҥорор сыахтар тутуллуохтара, сүөһү иитии, оҕуруот аһын үүннэрии, агротуризм сайыннарыллыаҕа.
Бу дьаһал 80 үлэ миэстэтин таһаарыаҕа уонна биэс сыл устата 570 мөл солк инвестициялыаҕа.
Территория предпринимателлэр судаарыстыба көмө миэрэлэрин тутталларыгар аһаҕас буолуо, ити олохтоох ырыынак туоларыгар уонна оройуон социальнай-экономическай сайдыыта түргэтиэҕэ. Манна анал нолуок преференциялардаах быраап эрэһиимэ олохтонуоҕа.
Санаттахха, Саха сиригэр олохтоох оҥорон таһаарыыга алта территория баар. 500 үлэ миэстэтин таһаарда, 2,93 млрд солк инвестициялаата.
This post was published on 30.07.2024 18:01 18:01