Микроавтобус суоппара суолга таһаарбыт быһылаанын түмүгэр 12 саастаах оҕо олоҕо быстыбыта, хас да киһи эчэйбитэ. Суоппар дьиэ хаайытыгар уурулунна. Итинник быһаарыыны куорат суута ылла.
Санатар буоллахха, быһылаан муус устар 22 күнүгэр Петр Алексеев уонна Поярков уулуссаларын быһа охсуһууларыгар буолбута. Микроавтобус суоппара уруулун сатаан туппакка, автобус тохтобулугар турар, ыскамыайкаҕа олорор дьону түҥнэри көппүтэ. Онно оҕо тута өлбүтэ.
«Кини РФ холуобунай кодексын 264 ыстатыйатын 3 чааһынан буруйданар», — диэн куорат суутуттан эттилэр.
- Буруйданааччы дьиэтин тас өттүгэр тахсыа суохтаах;
2. Быһылаан кыттаалаахтарын кытта билсиэ, кэпсэтиэ суохтаах;
3. Почта-телеграф нөҥүө суругу, о.д.а. ыытыа, тутуо суохтаах;
4. Сибээс средствотынан, интернетынан туһаныа суохтаах.
This post was published on 25.04.2016 14:09 14:09