Оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорууга босуобуйа кээмэйэ 97 тыһ. солк. тэҥнэһиэҕэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

2027 сылга оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорууга босуобуйа кээмэйэ 97 тыһ. солк. тиийиэн сөп. Оттон 2025 сылга босуобуйа кээмэйэ 69 тыһ. солк. диэри улаатыа, диэн РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрдэ.

«Оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорууга босуобуйа төлөбүрүн кээмэйин улаатыннарыы салҕанар. 2025 сылга ортотунан төлөбүр муҥутуур кээмэйэ — 69 тыһ. солк., 2026 сылга — 83 тыһ. солк., 2027 сылга ити суума 97 тыһ. солк. кэриҥэ буолуо», — диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа хамыыһыйатын мунньаҕар Антон Котяков кэпсээтэ.

Социальнай пуонда бүддьүөтүн 2025-2027 сыллардааҕы бырайыагынан, ийэҕэ бэриллэр 140 хонуктаах оҕо күүтэн олорорууга босуобуйа кээмэйэ 2025 сылга 794 тыһ. солк. тахса буолуоҕа.

Билигин 2024 сылга оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олорууга босуобуйа кээмэйэ 49 тыһ. солк. тахса.

This post was published on 02.11.2024 15:05 15:05