Оҕолорун соҕотоҕун иитэр төрөппүттэргэ бырабыыталыстыба эбии 14 млрд. солк. үбү көрдө. Ол туһунан РФ премьер-министирэ Михаил Мишустин кабмин мунньаҕар биллэрдэ, диэн ТАСС кэпсиир.
Быйыл дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн кыаммат ыаллары эбии өйүүр миэрэ олоххо киирбитин санатта. Ол курдук, 8-тан 17- гэр диэри саастаах оҕолорун соҕотоҕун иитэр төрөппүттэргэ ый аайы анал босуобуйа көрүллэр. Көмө харчы кээмэйэ ыйга ортотунан 5,5 тыһ. солк. кэриҥэ.
«Чуолкайдаатахха, көмө харчы суумата оҕо олорор регионуттан быһаччы тутулуктаах, ол эбэтэр айах ииттинэр харчы алыҥ кээмэйин аҥаарыгар тэҥэнэһэр. Билигин маннык төлөбүргэ 1 мөл. 300 тыһ. тахса оҕо наадыйар. Оҕо барыта сөптөөх үбү кэмигэр ыларын туһугар бырабыыталыстыба эбии 14 млрд солкуобайы ыытыаҕа», — диэн Мишустин бэлиэтээтэ.
Кини бу харчыны эрдэ көрүллүбүт 36 млрд солк. эбэн биэрэллэрин чопчулаата. Премьер этэринэн, соҕотох ийэлэргэ уонна аҕаларга бу көмө оҕону иитиигэ улахан тирэх буолуоҕа.
This post was published on 09.12.2021 11:07 11:07