22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Оҕолору коронавирустан хайдах харыстыыбыт? Профессор сүбэтэ

17:01, 29 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оҕолору коронавирустан хайдах харыстыыр туһунан ХИФУ мэдиссиинискэй институтун педиатрия уонна оҕо хирургиятын кафедратын профессора, мэдиссиинискэй наука доктора Татьяна Дмитриева «Якутия 24» ханаалга кэпсээтэ.


Татьяна Дмитриева оҕолор ыарыыны улахан сибикитэ суох аһаралларын, ыалдьыбыттара, ыалдьыбатахтара биллибэтин иһин, кинилэри элбэх дьонноох сирдэргэ сырытыннарары бобор. Ол эрэн оҕолор таһырдьа талаһаллара оруннааҕын, дьиэ иһигэр, салгыламмат хоско ыарыыны дөбөҥнүк хабыахха сөбүн эттэ.

Быраас эһээхэй оҕо коронавируһунан ыалдьыбатын этэр. «Вирус организмҥа тарҕанарыгар ангиотензин диэн рецептор наада. Ити фермент улахан киһи тыҥатын, куртаҕын, бүөрүн, тымырын килиэккэлэригэр баар буолар. Киһи улаатарын кытары эбиллэр фермент. Кыра оҕолорго суоҕун тэҥэ», — диэн быһаарда профессор.

Кини үһүгэр диэри саастаах оҕолор мааска нөҥүө сатаан тыымматтарынан, мааска кэтэллэрэ бобуулааҕын эттэ.

Улааппыт, эрдэҕэс оҕолор улахан киһини кытары тэҥҥэ ыалдьаллар. Өскөтүн биир дьиэҕэ ыалдьыбыт киһини кытары олорор буоллахха, дистанцияны тутуһар наадатын быраас этэр.

«Ыарыһах аһыыр иһитэ, туттар мала туһунан буолуохтаах. Дьиэни кэмиттэн кэмигэр салгылатар, сууйар наада», — диир Татьяна Дмитриева.

Оҕо чэпчэкитик ыалдьыбыт буоллаҕына 7-10 күнүнэн чөлүгэр түһэр. Ити кэмҥэ кини дьиэҕэ олоруохтаах. Өскөтүн оҕо күүскэ ыалдьыбыт буоллаҕына кинини быраас кэтиэхтээх.

«Доруобай оҕо иммунитетын анаан бөҕөргөтөр наадата суох. Ол эрэн кэнники киһи организмыгар D битэмиин намыһаҕа коронавируска утарылаһыыны намтатар диэн анал литератураҕа суруйар буоллулар. Онон D битэмиини иһэр, таһымын билэр наада», — диир быраас.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА