Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников оскуола оҕолорун итии аһынан хааччыйыыга көрүллүбүт федеральнайдааҕы үбүлээһин сыалынан туттуллуутун тэтимин муниципалитеттар түргэтэтэллэригэр сорудахтаата. Ол туолбат түгэнигэр эһиилги үбүлээһин суох буоларын иһитиннэрдэ, СИА суруйар.
Үөрэх миниистирин солбуйааччы Владимир Тихонов иһитиннэрбитинэн, 2020 сылга 1-4 кылаас оҕолорун итии аһылыгынан хааччыйыыга федеральнайдааҕы бюджеттан 419 833 500 солк көрүллүбүт. Онтон 104 958 375 солк балаҕан ыйыгар улуустарга уонна куораттарга ыытыллыбыт. Сэтинньи 27 күнүнээҕи туругунан 51 629 000 солк туттулла илик.
Харчы сыалынан туттуллуутун бытаарыытын биричиинэтинэн дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көһүү, муниципалитеттар счеттарыгар харчы хойутаан түһүүтэ, маны сэргэ бюджетнай классификация кодун сыыһа ыйыы буолбуттар.
Сергей Местников сыл бүтүөр диэри үбүлээһини оҕо оскуолаҕа итии аһынан хааччыллыытыгар тутталларыгар эттэ.
«Биһиэхэ билигин алтынньы уонна сэтинньи ыйдар субсидиялара баар. Үгүс оскуола истэн үөрэнэр, онон дистанционнай үөрэх харчыны туттууну бытаардыыга биричиинэ буолбатах», — диэтэ вице-премьер.
This post was published on 01.12.2020 12:02 12:02