Саха сиринээҕи тутуу уонна дьиэни кэтээн көрүү управлениетын сотрудниктара Саха-Корейскай оскуола «Лингва+» сайыҥҥы лааҕырын үөрэнээччилэригэр армейскай «сухой душ» оҥоруутугар маастар-кылаас ыыттылар.
Оҕолор «душ» оҥоруутун бары түһүмэҕэр үөрэннилэр: анал сириэстибэҕэ таҥаһы быһан угуу, зип-бакыакка хаалааһын.
Хас да бөлөххө арахсан үлэлээтилэр. Ким эрэ губкаҕа дорнит быста, атыттар губканы анал гелинэн толордулар, үһүстэр биирдэ туттуллар соттордору, дууһу хайдах туттар туһунан инструкциялары хахтаатылар.
«Былааммытынан тыһыынча гигиена нобуорун оҥоруохтаахпыт, салгыы инники кирбиигэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ыытыахпыт. Байыастарбытыгар сир-халлаан ардыгар сылдьааччыларга көмөлөһүө дии саныыбыт», — диэтэ «Лингва+» лааҕыр салайааччыта Сергей Гронин.
Эрдэ Управление «Биир ньыгыл Россия» баартыйа «Молодая гвардия» регионнааҕы штабын кытта СВО-ҕа 5 тыһыынча маннык нобуору оҥорон ыыппыта.
««Сухой душ» оҥоруутугар анал күүгэн туттуллар, бу тириини дезинфекциялыыр, бааһы үтүөрдэр. Бу билигин биһиги саллааттарбыт сылдьар усулуобуйаларыгар олус көмөлөөх буолуоҕа», – диэтэ Управление салайааччыта Павел Аргунов.
This post was published on 25.06.2024 15:02 15:02