Оҕолор медиа-эйгэ исписэлиистэригэр үөрэниэхтэрэ

«Медиахакатон» айар куонкурус ахсынньы 3 — 6 күннэригэр ыытыллар. Манна 14 — 18 саастаах оскуола оҕото кыттыан сөп. Куонкуруска сайаапка сэтинньи 12 — 23 күннэригэр тутуллар.

Айан куонкурус «Парк будущих поколений» уонна норуоттар ардыларынааҕы «Медиашкола» тэрилтэлэринэн, Саха сирин наукатын дьоҕус академиятын уонна «Целевой фонд будущих поколений» тэрилтэнэн өйөнөн ыытыллар.

Үс күн устата 60 оҕо өрөспүүбүлүкэттэн түмсэн, медиа-эйгэтигэр интенсивнай үөрэҕи ааһыахтара. Бырагырааманы анал үөрэхтээх исписэлиистэр ыытыахтара (продюсирование, хаартыска, видео, дизайн).

Хамаанданан видео- уонна хаартысканан бырайыактары оҥоруохтара, анал сорудахтар бэриллиэхтэрэ.

Бириис пуондата —  100 тыһ солк тахса.

This post was published on 14.11.2022 10:33 10:33