Кэлиҥҥи сылларга уопсастыба уонна учуонайдар өттүттэн саха норуотун култууратыгар интэриэс баарын бэлиэтиибит. Маннык интэриэс, бастатан туран, уопсастыбаҕа этническай уонна духовнай сиэр-майгы сайдыытын көрдөрөр. Онон саха тылын уонна култууратын тарҕатар, үйэтитэр сыаллаах-соруктаах «Саха» НКИХ ханаалга «Күн оһуохайа» диэн бырайыак дьон-сэргэ көрүүтүгэр-истиитигэр олунньу 20 күнүттэн саҕаланыаҕа, диэн СИА кэпсиир.
«Дьиҥэ бу идея миэхэ пандемия саҕалыаҕыттан баар, ол эрээри табыгастаах кэм көстүбэккэ сылдьыбыта. Онтон дьэ, ааспыт сыл атырдьах ыйыгар бу курдук бырайыак идеята баар диэн маҥнай Олег Колесовы кытта үллэстибитим. Олег Егорович мин идеябын сөбүлээн, бу бырайыагы Сергей Местниковка көрдөрүөххэ диэн сүбэлээбитэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бырайыакпын өйөөбүтэ, инньэ гынан, билигин бу «Оһуохай түһүлгэтин» биһиги Үөрэх уонна наука министиэристибэтин уонна култуура уонна духуобунас министиэристибэтин кытары, НВК «Саха көмөтүнэн олоххо киллэрэ сылдьабыт.
Маҥнайгы түһүмэххэ оҕолор тэттик видео уһулан ыыппыттара, манна 110 сайаапка киирбиттэн, 45 эрэ оҕону талбыппыт. Ордук көхтөөхтүк Үөһээ Бүлүү, Сунтаар уонна Уус Алдан улуустара кытыннылар. Биирдиилээн оҕолор уһук сытар улуустартан эмиэ кэллилэр, холобур Ленскэй Бэчэнчэтиттэн бааллар. Төһө даҕаны 110 бары бырайыакка киирбэтэхтэрин иһин, сайаапка биэрбит бары оҕолор лааҕырга кэлэн элбэххэ үөрэнэн, сынньанан, сайдан барыахтара, кинилэргэ анаан эбии үс наставник баар», — диэн бырайыак ааптара, Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо оскуолатын преподавателэ Айталина Мойтохонова-Сахаайта кэпсээтэ.
Кыттааччылар бу күннэргэ «Бэс чагда» оҕону сайыннарар киинигэр олороллор, биэс финалга тахсыбыт оҕо олунньу 25 күнүгэр быһа эфирга күрэхтэһиэҕэ. Сонун бырайыакка наставник быһыытынан фольклор куруһуогун салайааччылара, энтузиаст учууталлар үлэлииллэр.
- Саввинова Людмила Николаевна, Ньурба улууһун Маалыкайыгар «Сардаҥа саһарҕалара» норуот ансаамбылын салайааччыта, үрдүк категориялаах фольклор преподавателэ.
- Ильина Светлана Геннадиевна, Хаҥалас улууһун Покровскай куоратын 1 №-дээх оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учуутала, «Дьүрүскэн» фольклор куруһуогун салайааччыта.
- Хобусарова Марианна Владимировна, Үөһээ Бүлүүтээҕи Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын үрдүк категориялаах учуутала.
- Семенова Надежда Николаевна, Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, «Саһарҕа» фольклорнай куруһуок салайааччыта.
- Герасимова Розанна Васильевна, Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола төрүт култуураҕа учуутала.
- Новгородова Таисия Мартыновна, фольклор преподавателэ,»Сардаҥа саһарҕалара» норуот ансаамбылын салайааччыта, култуура туйгуна, Ньурба улууһа, Маалыкай.
- Захарова Евдокия Владиславовна, култуура туйгуна, «Оһуор» култуура киинин үлэһитэ.
- Евсеев Михаил Михайлович, Кураһаай Мэхээлэ Олоҥхо ыһыаҕын Дарханнарын Дархана, Сунтаар улууһун уонна Түбэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СР култууратын туйгуна.
This post was published on 17.02.2023 15:20 15:20