Россия бырабыыталыстыбата 5,5 млрд солк оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар эбии көрүөҕэ. Ол туһунан Михаил Мишустин алтынньы 29 күнүнээҕи мунньахха эттэ.
«Бу сылга оҕолоох ыаллары өйүүргэ эбии үбүлээһини көрүү боппуруостарын дьүүллэһиэхпит, — диэтэ Михаил Мишустин. — 5,5 млрд солк ипотекаларын толору эбэтэр быстах төлүүллэригэр туһаайыахпыт. Судаарыстыба суотугар кирэдьиити төлөөһүн 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ төрөөбүт үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕолоох ыалларга көрүллүөҕэ. Төрөппүттэр 450 тыһ солк компенсация быһыытынан ылыахтарын сөп».
«Ипотекаҕа чэпчэтии оҥоруу — оҕолоох ыалларга судаарыстыбаттан көрүллэр саамай наадалаах миэрэ буолар, — диэтэ премьер. — Сыл устата бу сыалга 35 млрд солк ыытылынна. Эбии үбүлээһин 12 тыһ кэриҥэ элбэх оҕолоох ыалга көмө буолуоҕа».
This post was published on 30.10.2020 16:03 16:03